01 июля 2024
Светлинскэйдээҕи энергетика, ньиэп уонна гаас салаатыгар «Разработка и эксплуатация нефтяных и газовых месторождений» идэҕэ устудьуоннар дипломнай үлэлэрин көмүскээтилэр.
Дипломнай үлэлэри «РНГ» АУо ньиэп бэлэмнэнэр отделын ньиэп учуотун оҥорор отдел кылаабынай исписэлииһэ Айсен Васильев салайааччылаах судаарыстыбаннай экзаменационнай хамыыһыйа сыаналаата.
Устудьуоннар ньиэп уонна гаас хайысхаларыгар, товарнай ньиэп транспортировкатыттан саҕалаан эксплуатацияҕа, буурдааһыҥҥа, сиртэн хостонор баайдаах сирдэри чинчийиигэ тиийэ дипломнай үлэлэри бэлэмнээбиттэр.
Сиһилии Weekend информационнай порталга ааҕыҥ