Олунньу 24-25 күннэригэр Мииринэй оройуонун баһылыгын иһинэн ыытыллар үгэскэ кубулуйбут нефтегазовай комплекс тэрилтэлэрэ кыттыылаах коллегия буолан ааста. Коллегияҕа сыл анараа өттүгэр турбут сыал-сорук олоххо киириитин, туолуутун дьүүллэстилэр. Сир баайын туһанааччылар улуус социальнай-экономическэй сайдыытыгар ыытар үлэлэрин туһунан кэпсээтилэр. Истиигэ общественность, оройуон дьаһалтатын специалистара, хонтуруол уорганнара, депутаттар кыттыыны ыллылар. Маны сэргэ, онлайн эрэһииминэн СӨ промышленноска миниистирэ Максим Терещенко кытынна. Бу туһунан оройуон дьаһалтатын пресс-сулууспата ЯСИА-ҕа иһитиннэрдэ.
«Былассааккаларга баахтабай үлэһиттэр баалларын учуоттаан, вакцинация туһунан умнумаҥ, — диэн оройуон баһылыга Ришат Юзмухаметов коллегия бары кыттыылаахтарыгар, сир баайын туһанааччыларга санатта. – Итиэннэ, специалистары үөрэтиигэ Мииринэй оройуонун үөрэҕин тэрилтэлэрин хабыҥ диэтэ».
Баһылык бу этиитин Мииринэйдээҕи ХИФУ филиалын Политехническэй институтун английскай филология кафедратын профессора өйөөтө. Кини эппитинэн, бүгүҥҥү улуус территориятыгар ыытыллар үлэни, сиртэн хостонор баайдаах сирдэри үөрэтиини оройуон олохтоохторо аһаҕастык көрөн олоруохтаахтар. Алмаастаах кыраайга киирэр промышленнай бырайыактар социальнай суолталара улахан буолуохтаах диэтэ.
«Иркутскайдааҕы ниэп хампаанньата»
Коллегия мунньаҕа «Иркутскайдааҕы ниэп хампаанньата» ХЭТ отчуотуттан саҕаланна. 2021 сылга хампаанньа тулалыыр эйгэҕэ бүгүҥҥү үлэ сабыдыалын туһунан 4 общественность кыттыылаах ырытыы, кэпсэтии буолуохтааҕын иһитиннэрдэ. Оройуон бүддьүөтүгэр ааспыт сылга 35 мөл. нолуок төлөбүрэ оҥоһуллубут. Алмаастаах кыраай социальнай-экономическэй сайдыытыгар туһуламмыт тэрээһиннэр былаан быһыытынан барбыттар.
Быйылгы сылга үлэ салҕанар. Итиэннэ, «Саханефть» ХЭТ (ИНК) Мииринэй оройуонугар үлэлиир бырайыактарга 600 тыһ. ыытарын туһунан эттэ. Бу көмөҕө Мииринэйдээҕи техническэй колледж Светлинскэйдээҕи филиала киирсэр. Санатан эттэххэ, манна углеводороднай сектор үлэһиттэрэ бэлэмнэнэн тахсаллар.
«АЛРОСА-Газ»
«АЛРОСА-Газ» АУо сыл ахсын муниципальнай тэриллиилэргэ газтааһын үлэтин ыытар. Тэрилтэ Удачнай бөһүөлэгэр газ ситимин тардыыга сүрүн үлэни оҥорор. Газ ситимин тардыыга сүрүннээн Мииринэй олохтоохторо үлэлииллэр. Соторутааҕыта «Айхалтрансгаз» ХЭТ тэриллибитэ, салгыы гааһы холбооһун үлэтин салайыаҕа.
«Газпром недра»
«Газпром недра» ХЭТ — «Газпром» ПАО алын тэрилтэтэ буолар. Быйылгы сылга хампаанньа Чайыҥдатааҕы баайдаах сиргэ 2 чинчийэр скважина тутуутун түмүктүөҕэ. Скважиналары тутуу араас хайысхаларга дьайыытыгар, родовой общиналар кыһыҥҥы суолларыгар этнологическэй чинчийии барда. Үлэ матырыйааллара анал судаарыстыбаннай экспертизаны аастылар. Манна олоҕуран икки родовой общинаны кытта сөбүлэҥ түһэрсиллэн, төлөбүр оҥоһулунна.
«РНГ»
Олунньу 25 күнүгэр коллегия үлэтэ салҕанна. Бастакынан ааспыт сыл түмүктэрин «РНГ» АУо бэрэстэбиитэллэрэ — «Сюльдюкарнефтегаз» ХЭТ уонна «Монулах геологоразведка билиһиннэрдилэр. Улуус баһылыга Ришат Юзмухаметов РНГ хампаанньаҕа Мииринэйдээҕи доруобуйа харыстабылын салаатыгар көмөтүн иһин махталын тиэртэ. Пандемия саҕаланыаҕыттан оҥоһуллубут көмө сууммата 15 мөлүйүөнү куоһарда диэтэ.
«Хампааньа тэрилтэлэригэр Мииринэй 60 олохтооҕо үлэлиир. Республика бүддьүөтүгэр 5 млрд тахса суумма төлөннө. Сыл бүтүөр диэри гааһы төттөрү хачайдыыр саҥа оборудование үлэҕэ киириэ. Ол кэннэ баайдаах сиргэ, үгэс буолбут, факел умайыыта тохтуохтаах», — диэн кылаабынай инженери солбуйааччы Вадим Никитин иһитиннэрдэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, 5 млрд суумматтан Мииринэй бүддьүөтүгэр 112 мөл. киирбит.
«Хампаанньаҕа махталбыт улахан. Суолбутун асфальтааһыҥҥа эрэннэрбиттэрин толорон, улахан үлэни ыыттылар. Аны мелиоративнай үлэлэргэ анал техникаҕа көмөлөһөргүт буоллар», — диэн Ботуобуйа нэһилиэгин баһылыга Агния Симонова бэлиэтээтэ.
Оройуоннааҕы сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Кузнецов сир баайын туһанааччыларга туһаайан бырайыагы үлэҕэ киллэрэргэ көмө наадатын өссө тоһоҕолоото.
Никитин эппитинэн, үлэ аҥарын быйылгы сылга ситиһиэхпит диэтэ.
Родовой община чилиэттэрэ Сүлдьүкээрдээҕи лицензионнай учаастакка этнологическэй экспертиза үлэтин уһаппаттарыгар ыҥырдылар. Маны сэргэ, общественниктар булчуттарга ниэп турбатын нөҥүө ааһар суолу оҥорон биэрэллэригэр, итиэннэ сир баайын туһанааччылар учаастактарыгар бэйдиэ сылдьар ыттары тутууну ыыталларын көрдөстүлэр.
Мииринэй мэра Клим Антонов РНГ хампаанньаҕа республика таһымыгар баттаммыт, Арчы Дьиэтин тутуутун сөбүлэҥин туһунан санатта.
«Сүлдьүкээрдээҕи минерализованнай балаһа ыраастааһыныгар көмө буоларгыт буоллар. Куокуйдаах үрэҕинэн кэҥэтиэххэ наада», — диэн сир баайын туһанааччыларга Садын нэһилиэгин баһылыга Иван Оюров эттэ. Онуоха көмө оҥоһуллуо диэн эрэннэрдилэр.
«Сургутнефтегаз»
«Сургутнефтегаз» ПАО бэрэстэбиитэллэрэ иһитиннэрбиттэринэн 2021 сылга сир хастарыы үлэтэ өссө биир саҥа скважинаҕа ыытыллыа. Уонна эрдэ ыытыллыбыт 6 скважинаҕа салҕаныахтаах. Оройуону кытта бииргэ үлэлэһиигэ көрдөрүү билиҥҥитэ мөлтөх. Ол эрэн ааспыт сылга Мииринэй олохтоох бүддьүөтүгэр 15 мөл. төлөммүт. Оройуон 32 олохтооҕо бу тэрилтэҕэ үлэлиир. Общественниктар бэлиэтээбиттэринэн, хампаанньа олохтоохтору кытары биир ситимнээх үлэтин күүһүрдүөн наада.
«Иреляхское»
«Иреляхское» тэрилтэҕэ бүгүҥҥү күҥҥэ Мииринэйтэн 106 киһи үлэлиир. Бу үлэһит уопсай ахсаанын аҥара диэххэ сөп. 28 киһи ааспыт сылга үлэҕэ киирбит. Өссө 40 үлэ миэстэтэ баар, мантан аҥара ниэп таһар массыыналарга суоппар үлэтэ буолар. Оройуон бүддьүөтүгэр 2020 сыл түмүгүнэн 7 мөл. төлөммүт.
Сонуну таһаарда: sakha.gov.ru