Перейти к основному содержанию

Дойду үрдүнэн ниэп уонна гаас хайысхата сайдыытыгар «РНГ» АУо оруолун туһунан «Россия 24» ханаалга тахсыбыт сюжет

30 мая 2022

Россия үрдүнэн саҥа арыллар сиртэн хостонор баайдаах сирдэр 90%-ра 5 мөлүйүөн туоннаттан элбэҕэ суох ниэптээхтэр. Бөдөҥ промышленнай хампаанньаларга бу кыра көрдөрүү. Ол иһин кинилэр манна, кыра хампаанньалартан уратылара диэн,  инвестиция оҥоро сатаабаттар.  Ол эрэн, экспертэр бэлиэтииллэринэн, чуолаан кыра тэрилтэлэр саҥа кэм ыҥырыытын түргэнник ылыналлар. Араас сыанабылынан,  кыра тэрилтэлэр,  2-тэн 4 бырыһыаҥҥа диэри углеводород хостууллар уонна сайдыыга киэҥ суолу тэлийэр кыахтаахтар.

«РНГ» АУо – ситиһиилээх, холобур эрэ буолар, аччыгый нефтегазовай хампаанньа.  Баара-суоҕа 20 сыл иһигэр хампаанньа геологоразведочнай тэрилтэттэн бөдөҥ инжиниринговай тэрилтэҕэ тиийэ улаатта. Саха сирин биир тарбахха баттанар чааһынай инвесторын быһыытынан билиннэ.  Үлэ сүрүн хайысхата-  Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, гаас, гаас конденсата хостонор Илин блога (Восточные блоки Среднеботуобинского НГКМ). Хампаанньа бу сыллар тухары 1000 млрд кэриҥэ үбү укта, өссө  10 млрд кэриҥэ харчыны сыл ахсын бүддьүөт араас көрүҥнэригэр булгуччулаах уонна нолуок төлөбүрдэрин быһыытынан киллэрэр.

«Россия 24»  ханаал суруналыыстара анал сэлиэстийэ ыытан сирийэн көрдүлэр, ыйытыктарга хоруй көрдөөтүлэр. Кыра ниэп хампаанньаларын сайдыытыгар туох мэһэйдэр баалларый, кинилэр өйөбүллэригэр судаарыстыба туох миэрэлэри ылара нааданый? Бу туһунан суруналыыстар түмүктэрэ.

«РНГ» АУо пресс сулууспата

Москва

Болҕойун! Сонуну маассабайдык тарҕатар тэрилтэлэртэн эрэ киирбит иһитиннэриилэри көрөбүт.