Перейти к основному содержанию

«Российский вестник»: «РНГ» АУо ГИТИС уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин бырайыактарын өйөөтө

24 апреля 2023

Хампаанньа Россиятааҕы театральнай искусство институтугар (ГИТИС) харчынан көмө оҥордо. Өйөбүл чэрчитинэн, Саха сиригэр культура эйгэтин үлэһиттэригэр уонна айар үлэлээх устудьуоннар бырайыактара олоххо киирэллэригэр кыах бэриллиэҕэ.

Бырайыактар чэрчилэринэн Арктикатааҕы культура уонна искусство судаарыстыбаннай институтун устудьуоннара уонна уһуйааччылара идэ таһымын үрдэтиигэ үөрэх ааһыахтара, маны сэргэ, ГИТИС бастыҥ, ааттаах-суоллаах маастардарыгар уһуйуллар анал стажировка былааннанар. Маны сэргэ, бииргэ үлэлэһии чэрчитинэн, билигин ГИТИС сценаристара уонна режиссердара Арктикатааҕы культура уонна искусство институтун устудьуоннарын кытары холбоһуктаах дипломнай испиктээкиллэри туруоруохтара.

Сиһилии «Российский Вестник» таһаарыы анал сайтыгар ааҕыҥ

«РНГ» АУо пресс сулууспата

Москва

Болҕойун! Сонуну маассабайдык тарҕатар тэрилтэлэртэн эрэ киирбит иһитиннэриилэри көрөбүт.