Москваҕа муус устар 19 күнүттэн муус устар 23 күнүгэр диэри 21-с төгүлүн ыытыллар «Нефтегаз-2022» норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһин уонна национальнай нефтегазовай форум буолан ааста. Тэрээһин саҥа үйэ балысханнык сайда турар кэмигэр тэҥҥэ хардыылаан, сайдыыттан хаалсыбакка салааны хайдах сайыннарар туһунан боппуруостарга болҕомтотун ууран үлэлээтэ. Сүрүн болҕомто ниэп хостооһунун улахан аҥарын ылар саппаастары үөрэтиигэ туһуланна. Саппаас элбээһинэ сири хаһыы дириҥээн иһэриттэн итиэннэ саҥа кыра сиртэн хостонор баайдаах сирдэри туһаныы элбээбититттэн тутулуктанар. Онон бу үлэҕэ, экспертэр бэлиэтииллэринэн сүрүн оруолу кыра ниэп, уонна гаас тэрилтэлэрэ ылар буолуохтаахтар.
Ситиһиилээх холобур быһыытынан «РНГ» АУо үлэтин этиэххэ сөп. Бастаан утаа, 20-чэ сыл анараа өттүгэр, бэрт кыра геологическэй чинчийиини ыытар тэрилтэ, бүгүн баараҕай нефтегазовай холдинг быһыытынан билиннэ. Саха сиригэр биир тутаах чааһынай инвестор быһыытынан ааҕыллар буолла. Чинчийиигэ уонна уһук хоту сытар хостонор баайдаах, ураты климаттаах сирдэргэ олус уустук тэрээһиннэри ыытта. 2014 сылтан саҕалаан 100 млрд куоһарар үбү укта, 3000 кэриҥэ үрдүк хамнастаах үлэ миэстэтин таһаарда. Маны таһынан, регион социальнай-экономическйэй сайдыытыгар улахан кылааттаах, дьон олоҕун тупсуутугар күүскэ үлэлэһэр.
2035 сылга диэри РФ энергетическэй стратегиятыгар аччыгый ниэп уонна гаас тэрилтэлэрэ туох оруоллаахтарый, болҕомто чуолаан туохха ууруллуохтааҕый, сайдыыны ситиһэргэ усулуобуйа хайдах оҥоһуллуохтааҕый? Бу туһунан «Российская газета» хаһыакка улахан ырытыы сурулунна.
Сиһилии «Российская газета» анал саайтыгар киирэн ааҕыҥ