Перейти к основному содержанию

«Бүлүү» федеральнай суол саҥа саҕахтара

20 октября 2020

Саха Сирин арҕаа улуустарын муосталар эрэ ситимниир кыахтаахтар. Кэнники сылларга бу хайысхаҕа элбэх үлэ ыытыллар. Онон былаан барыта олоххо киирдэҕинэ, бэрт сотору кэминэн  Дьокуускай уонна  Мииринэй харгыһа суох айанныыр кыахтаныахтара.

Марха-2019

Ааспыт сылга федеральнай трасса 756-с килэмиэтиригэр,  Марха өрүскэ саҥа муоста тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Бу өр күүтүллүбүт улахан бырайыак олохтоохтору олус үөрдүбүтэ. Уонна инники сайдыыга бастакы хардыы быһыытынан сыаналаммыта. Муоста тутуута 2015 сыллаахтан саҕаламмыта. Бу муоста тутуутугар Саха Сирин тыйыс усулуобуйатын учуоттаан аныгы ньымалар туһаныллыбыттара уонна Саха Сиригэр саамай улахан муостанан аатаммыта. 560 миэтирэ уһуннаах. Маны сэргэ, өссе 2 муоста Маар үрэҕи туоруурга тутуллубуттара. 34 уонна 55 миэтирэ уһуннаахтар. Айан куттала суох буолуутун хааччыйан муосталарга сырдатар лаампалар, суол бэлиэлэрэ ыйаммыттара.

Үөһээ-Бүлүү – Ньурба.

Сыл уустуктарын аахсыбакка бу хайысхаҕа үлэ эмиэ толору ыытылынна. Өссе биир ый эрдэлээн эбийиэктэр үлэҕэ киирдилэр. Бастакы эбийиэк – Түүкээн үрэҕи туоруур муоста. Бу муоста икки оройуону,  Үөһээ-Бүлүүнү уонна Ньурбаны,  холбоото. Бу муоста тутуутугар федеральнай бүддьүөттэн 2,5 млрд солкуобай тыырыллыбыта. 2018 сыллаахха тутууну «Хотьковский автомост» диэн хампаанньа саҕалаабыта. Муоста уһуна – 276 погоннай миэтирэ. Суолга куттал суох буолуутун хааччыйан сырдатар уоттар, суол бэлиэлэрэ тураллар. Олохтоохтор бэлиэтииллэринэн Дьокуускайга диэри айан бу муоста үлэҕэ киириитинэн 2 чааһынан кыччаата.

Мииринэй-Сунтаар.

Аны манна понтоннай муоста диэн суох. Аччыгый Ботуобуйаны туоруур, бэрт кыраһыабай көстүүлээх  муоста Мииринэй уонна Сунтаар улуустарын ситимнээтэ. Итиэннэ алмаастаах кыраайы кытта Дьокуускайы ситимнииргэ толору кыаҕы биэрдэ. 2018 сыллаахтан саҕаламмыт муоста, баара-суоҕа 2 сылынан үлэҕэ киирдэ. Үлэни «РНГ» АУо иһинэн үлэлиир «ВостСибСпецМонтаж» салайан ыытта. Муоста болдьох иннинэ үлэҕэ киирэн олохтоохтору үөртэ. Тутуу салайааччыта Александр Усков эппитинэн, пандемия ааҥнаабатаҕа буоллар үлэ өссө эрдэ түмүктэниэ эбит.

Муосталары саҥалыы уларытан тутуу.

Сунтаар оройуонугар реконструкция кэннэ 2 эбийиэги үлэҕэ киллэрдилэр. Бастакыта- 25,50 погоннай миэтирэ уһуннаах Саасар-Үрэх. Иккиһэ – 111 погоннай миэтирэ уһуннаах муоста Улахан Муҥурга. Маны сэргэ хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ 991км. саҕалаан 1008 км. тиийэ ыытылынна.  Сүрүн суолга “холоднай регенерация” ньымата туттулунна, саҥа бэлиэлэр, куттал суох буолуутун хааччыйар суол кытыытынааҕы бүөлээһиннэр  турдулар. Эбийиэктэр үлэҕэ киириилэрэ Саха Сиригэр суол инфраструктуратын сайыннарыыга улахан оруоллаахтар. Инникитин, биһиги олохтоохторго харгыһа суох,   төгүрүк сыл айанныыр суоллары оҥоруохтаахпыт диэн Росавтодор салайааччытын солбуйааччы Роман Новиков бэлиэтээтэ.

Сонуну бэлэмнээтэ: Yakutia-Daily.ru

«РНГ» АУо пресс сулууспата

Москва

Болҕойун! Сонуну маассабайдык тарҕатар тэрилтэлэртэн эрэ киирбит иһитиннэриилэри көрөбүт.