100 педагог – 100 тыһыынча суумалаах бириэмийэ тутта. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, бастыҥ үлэлээх учууталлар наҕараадаланнылар. Педагогтар күрэхтэрин көҕүлээччи уонна тэрийээччи — «РНГ» АУо.
Тустаах хамыыһыйа үөрэнээччилэр таһымнарын, үөрэх программатын ылыныыларын, уруокка аныгы технологиялары, дистанционнай форматы төһө сөпкө туһаналларын, итиэннэ үөрэнээччилэр араас күрэхтэргэ ситиһиилэрин сыаналаатылар. Куонкурус сүрүн сыала — педагогическэй үлэһиттэри өйөөһүн, Саха Сиригэр каадыр боппуруостарын быһаарыыга көмөлөһүү уонна бастыҥ исписэлиистэри бэлиэтээһин буолар. Куонкуруска 350 сайаапка киирбитэ, ол иһигэр, үөрэхтээһин эйгэтигэр кылааттарын киллэрэн 5 сыл үлэлээбит ыстаастаах учууталлар, тренердэр, орто уонна анал үөрэх үлэһиттэрэ. Күрэҕи 15 эксперт сыаналаата.
«Комсомольская правда» матырыйаалыгар сиһилии билсиҥ