Ааспыт сыл ахсынньы ыйыгар хампаанньа «Россиятааҕы Кыһыл Кириэс» бүтүн дойдутааҕы общественнай түмсүүнү кытары бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэрсибитэ. Икки өрүт Саха Өрөспүүбүлүкэтин территориятыгар ыксаллаах быһыыга түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөргө туһаайыллыбыт бырайыактары өйүүргэ быһаарсыбыттара. Бу сөбүлэҥ бастакы түһүмэҕинэн — ыксаллаах быһыыга туһаныллар табаар саппааһын хааччыйыы буолар.
Бастакы көмөҕө туттуллар табаар кэмпилиэктэрин ыскылаата Дьокуускайга кииннэниэҕэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ манна сөп түбэһэр эбийиэги көрдөөһүҥҥэ үлэ барар. Ыскылаакка санитарнай-гигиеническэй кэмпилиэктэр, утуйар таҥас уонна уһун болдьоххо харайыллар бородуукта ууруллуоҕа. Бу мунньуллар гуманитарнай саппаас, дьон олоҕор ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр кыһалҕалаахха түҥэтиллиэҕэ. Үлэ барыта сыл иккис кыбаарталыгар түмүктэниэхтээх.
«Гуманитарнай көмө резервэтин тэрийии – Россиятааҕы Кыһыл Кириэс общественнэй түмсүү былааннаммыт тэрээһинэ. Туһаныллар испиэһэк территория географическэй уратытынан көрөн оҥоһуллар. «РНГ» АУо-ҕа биһиги тэрилтэбитигэр көмөтүн, социальнай суолталаах бырайыактарбытын өйүүрүн иһин махталбытын биллэрэбит», — диэн Россиятааҕы Кыһыл Кириэс бэрэссэдээтэлэ Павел Савчук иһитиннэрдэ.
Маны сэргэ, сөбүлэҥ иитинэн, суһаллык көмөҕө тиийэр хамаанданы бэлэмнээһин үлэтэ ыытыллар. Бу хамаанда ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр судаарыстыбаннай сулууспаларга көмө буолуохтаах уонна кинилэргэ сүктэриллэр ноҕоруусканы аччатар сыаллаах тэриллэр.
«Хампаанньа дьон олоҕун харыстыырга туһуламмыт бырайыактары өйүүр сыаллаах общественнэй тэриллиилэри кытта үлэлииргэ интэриэһэ улахан. Биһиги ыксаллаах быһыыга суһал көмөнү оҥорорго, өйөбүл буоларга өрүү бэлэммит», — диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин санаатын үллэһиннэ.