Хампаанньа салалтата 2021/22 үөрэх сылыгар Россиятааҕы экономическэй оскуоланы (РЭШ) өйүүр үлэтин салгыы ыытарын туһунан быһаарыныы ылынна.
Үтүөнү оҥоруу тус сыаллаах тосхол 2020 сыл балаҕан ыйыттан үлэтин саҕалаабыта. Программаҕа үөрэх граннара, регионннартан кэлэр устудьуоннары өйүүр барыллар, үөрэх кыһатын чинчийэр үлэтин көҕүлээһин тиһиктэрэ киирэллэр.
2021/22 үөрэх сылыгар Россиятааҕы экономическэй оскуола (РЭШ) экономика салаатыгар профессордара Герхард Тевс уонна Марта Троия Мартинез ааттарынан хайысхалар салҕаныахтара. Бу биир ситимнээх үлэ салҕаныыта чинчийиигэ итиэннэ билиини биэриигэ, сайыннарыыга улахан кыаҕы бириэхтэрэ.
«РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин бу курдук бэлиэтиир: «РЭШ – дойду биир бастыҥ экономическэй үөрэҕин кыһата буолар. Оскуола үрдүк таһымнаах исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарар, аан дойду бастыҥ учуонайдарын сыһыарар, экономическэй үөрэхтээһиҥҥэ улахан кылаатын киллэрэр. Мантан сиэттэрэн, үтүөнү оҥоруу тосхолугар олоҕуран, оскуола « РНГ» АУо кытта бииргэ үлэлэһиитэ салҕанар».
Ааспыт үөрэх сылыгар «РНГ» АУо өйөбүлүнэн 41 устудьуон уопсай дьиэнэн хааччыллыбыта, маны сэргэ, 27 устудьуон үөрэх төлөбүрүгэр анаммыт граннары ылары ситиспиттэрэ.
2021-2022 үөрэх сылыгар өйөбүл тосхолугар олоҕуран араас регионнартан кэлэн үөрэнэр уһулуччу талааннах устудьуоннары өйүүргэ, кинилэр бастыҥ экономическэй үөрэх кыһатыгар үөрэнэллэригэр салгыы кыах биэриэҕэ. Ол курдук, 10-тан 100 % тиийэ, үөрэҕи ыларга толору эбэтэр аҥардаан чэпчэтии оҥорор граннар баар буолуохтара. Маны сэргэ, атын регионнартан кэлэн үөрэнээччилэргэ уопсай дьиэнэн хааччыллыыга 75-тэн 100 % тиийэ эмиэ чэпчэтиилэр оҥоһуллуохтара. Оччотугар оскуолаҕа атын куораттартан үөрэнэ кэлбит устудьуоннар бары көмөнөн хааччыллыахтара.
Россиятааҕы экономическай оскуола ректора Рубен Ениколопов бу курдук бэлиэтиир: «Бүгүҥҥү чэпчэкитэ суох, хамсык бүрүүкээн турар кэмигэр, оскуолаҕа өйөбүл боппуруоһа улахан суолталах. Онуоха“РНГ” АУо көмө буолар тосхол үлэтин салҕаабыта биһиэхэ улахан эрэли үөскэтэр уонна бастыҥ сыанабылы ылар».