Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газ конденсата хостонор баайдаах сир Илиҥҥи хайысхатыгар (ВБ СБ НГКМ) 515-Р скважина ботуобуйатааҕы саҕаҕын туһаҕа киллэриитэ түмүктэннэ. Ол түмүгэр сууккаҕа 40 туонна дебиттээх промышленнай ниэп ылылынна.
Ботуобуйатааҕы саҕах иэнинэн уонна быһыытынан атын саҕахтартан уратылааҕынан биллэр, итиэннэ Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газ конденсата хостонор баайдаах сир Илиҥҥи хайысхатыгар (ВБ СБ НГКМ) ниэп уонна газ сыһыннаһыытыгар улахан интэриэһи үөскэтэр.
Чинчийиллэр скважинаны хастарыыга геолого-техническэй тосхол толору оҥоһуллан туттуллар. Манна киирэр геологическэй чинчийии комплекса (ГИС), аһаҕас умнаһы гидродинамическэй каротаж уонна хаабылга дьапталҕаны боруобалааһын ньыматынан ыытыллар чинчийии (ГДК-ОПК), маны сэргэ, саамай дириҥтэн ниэп аналиһа.
Ыытыллыбыт чинчийии үлэтин түмүгүнэн дьапталҕа геологическэй, гидродинамическай моделлара чуолкайданнылар. Бу үлэ түмүгэр «В2» категориялаах саппаас, «А» категорияҕа көстө, итиэннэ Илиҥҥи блокка саҥа эксплуатационнай салаа тэрилиннэ.
«Аныгы технологиялар туһаныллан углеводород хостооһунугар туһуламмыт үлэ биллэ чэпчээтэ, геологическэй чинчийии үлэтигэр, былааннааһыҥҥа чопчу көрүүнү оҥорор кыахтанныбыт. Онон бэрт сотору кэминэн технологическэй быһаарыныылары ылынарга автоматическэй былааннааһын ыытыллан киэҥ хабааннаах үлэ барыаҕа. Бу барыта түмүллэн геологическэй чинчийии бырайыактарын олоххо киллэриигэ ороскуоту аччатыахтаах, маны сэргэ, Саха Сирин айылҕатыгар алдьаныы –кээһэнии тахсыытын көрдөрүүтүн суох оҥоруохтаах», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччы – кылаабынай геолог Павел Гречихо иһитиннэрэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ «РНГ» АУо сиртэн хостонор баайдаах сиргэ геологическэй чинчийии үлэтигэр аныгылыы, ураты көрүүлээх ньымалары туһанарга улахан болҕомтотун уурар. Хампаанньа сүрүн сыала – аныгы ньымалары туһаныы, тулалыыр эйгэҕэ улахан хоромньута суох углеводород саппааһын элбэтии төлөрүйбэт сорук. Хампаанньа сылтан сыл бу сорук туолуутугар бары күүһүн ууран былаанын ситиһэр.