Дойду үрдүнэн эпидемиологическэй балаһыанньа мөлтөөһүнүн кытары хампаанньа Covid-19 утары үлэ ыытан, доруобуйа харыстабылын салаатыгар көмө оҥорон саҕалаабыта.
«РНГ–медикам» социальнай бырайыак «МедиаТЭК» бүтүн дойдутааҕы бириэмийэ «Социальная и экологическая инициатива» номинация республикатааҕы түһүмэҕэр бастакы миэстэни ылла. Дойду правительствотын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Новак кыайыылаахтары эҕэрдэлиир тылыгар уматык хайысхата – Россия экономикатын баһылыыр күүһэ буолар диэтэ. Онтон дойду президенин пресс — сэкэрэтээрэ Дмитрий Песков, түмсүүлээх буолан уустук кэмнэри бииргэ туораатыбыт диэн бэлиэтээтэ.
2020 сыл хас биирдии киһиэхэ олох уонна доруобуйа диэн саамай күндү буолалларын өссө биирдэ бигэргэттэ. «РНГ» АУо биир бастакынан Мирнэй оройуонун олохтоохторугар көмө оҥорон саҕалаабыта. Онуоха, оройуон кылаабынай бырааһа Татьяна Стручкова: “Уустук кэмнэр бастакы күннэригэр кырдьык да олус ыарахан этэ. Антисептиктар, харыстанар сириэстибэлэр олох суохтара. Онон «РНГ» АУо сөптөөх кэмҥэ уонна сөптөөх бириэмэҕэ улахан көмөнү оҥорбута”, — диэн эппитэ.
«РНГ–медикам» социальнай бырайыак чэрчитинэн 2020 сыл муус устарыттан балыыһаҕа тохтобула суох эмп-том, харыстанар сириэстибэлэр, оборудование тиийэ турар. Пандемия кэмигэр оройуоннааҕы балыыһаҕа «РНГ» хампаанньа, орон таһыгар турар монитордарынан, ыарыһахтары таһар мобильнай боксаларынан, харыстанар көстүүмнэринэн, ИВЛ аппараттарынан хааччыйда.
Хампаанньа инникитин да бу үлэни тохтоппокко, Саха Сирин социальнай тэрилтэлэрин, доруобуйа харыстабылын салааларын өйүүр сыаллаах, салгыы ыытар былааннаах.
«РНГ» АУо Генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин сылы түмүктүүр көрсүһүүгэ ааһан эрэ сыл уустуктарын ордук чорботон бэлиэтээтэ. Ол эрэн төһө да хампаанньаҕа уонна бүттүүн салааҕа ыарахаттары үөскэттэр кытаанах балаһыанньаттан өрүһүннүбүт, итиэннэ бу үлэ инники өттүгэр биир хамаанда буолан үлэлииргэ, биир санаанан салайтарарга төһүү күүс буолуоҕа диэн бэлиэтээтэ. Хампаанньа үлэһиттэригэр, регион бары олохтоохторугар доруобуйаны, ситиһиилэри, таһаарыылаах үлэни баҕарда.