Үбүлүөйдээх ниэп тиэйиитэ «Транснефть – Порт Козьмино» ХЭТ тэрилтэ пуордугар ыытылынна. Даҕатан эттэххэ, чуолаан бу сир «Илин Сибиир – Тихэй Океан» (ВСТО) ниэп турбатын ситимин тиһэх пууна буолар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин территориятыгар баар Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газ конденсата хостонор сирин Илин блогун (ВБ СБ НГКМ) ниэбэ уопсай турба ситимигэр киирэр, салгыы дойду илин хайысхатынан айанныыр.
2014 сылтан саҕалаан Саха Сиригэр «РНГ» АУо бырайыактарын инвестицията биир миллиард доллартан тахсаҕа тэҥнэһэн турар. Хампаанньа инникитин өссө да регион экономическэй сайдыытыгар тус сыаллаах үлэтин салҕыыр былааннаах.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев бу курдук бэлиэтиир: «Кэнники сыллар усталарын тухары хампаанньа сиртэн хостонор оттуктары хостооһунуттан уонна оҥорон таһаарыытыттан Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр киллэрэр дохуота үрдүү турар. “РНГ” – бу хайысхаҕа инники күөҥҥэ сылдьар хампаанньа буолар. Бэлиэтээн эттэххэ, ааспыт 2020 сыл түмүгүнэн, бүддьүөт араас хайысхаларынан, маны сэргэ нолуокка, булгуччулаах төлөбүр быһыытынан 5 миллиард кэриҥин төлөөтө».
Ниэби туттарыы сүрүн хайысхата — Кытай. Бу дойду ВСТО турбатын ситиминэн кэлэр, кэлин киэҥник биллэн эрэр суорду, балачча элбэҕи атыылаһар. Биир танкер 100 тыһыынча туоннаҕа тиийэ тиэйиэн сөп, тиэйии үлэтэ 14 чаас ыытыллар. Ниэп чааска 14 тыһыынча кубометрга тиийэ түргэннээхтик хачайданар.
«РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин тоһоҕолоон этэр: «ВСТО ниэбин суорда аан дойду билиниитин ылла уонна төһө баҕар маркернай буолар кыахтаах. Азиатскай-Тихоокеанскай региоҥҥа тохтоло суох туһаныллыытынан сылыктаатахха, «РНГ» АУо көрүүтүнэн, сиртэн хостонор оттуктары батарыыга, «Илин Сибиир – Тихэй Океан» ниэп турбатын ситимин нөҥүө дойду тас өттүгэр тахсыытыгар, экономическэй өттүнэн ордук кэрэхсэбиллээхтэр».
«Транснефть – Порт Козьмино» ХЭТ пуордугар билэр көҥүллээх, бары ирдэбилгэ эппиэттиир лабораториялаах, мантан сиэттэрэн хас да үрдэллээх хонтуруол таһыма, үрдүк хаачыстыбаны уонна импортка үлэлиир дойдуларга сырьё экологическэй куттала суох буолуутун мэктиэлиир. Тиэрдии үлэтигэр араас харгыстар үөскээбэттэрин туһугар булгуччу күн-дьыл туругун кэтээн көрүү үлэтэ күүскэ ыытыллар, күн ахсын хонтуруолланар.