Компрессордар Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газовай конденсат хостонор сирин Илин блогар туһаныллыахтара.
Тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыан, сир баайын туһаныыга эппиэтинэстээх буолуу, бу торумнар «РНГ» АУо анал экологическэй программатыгар киирэн сылдьаллар. Хампаанньа кэлэр сылларга уопсайа 4,5 млрд солкуобайы айылҕа харыстабылын тэрээһиннэригэр тыырда. Экологическэй программа сүрүн соруга попутнай нефтяной гааһы (ПНГ) туһалаахтык туһаныыга ананыаҕа. ПНГ пластка төттөрү хачайданыытын систиэмэтэ үлэлээн элбэх кыһалҕалаах боппуруоһу быһаарар кыахтаах. Олорто биирдэстэрэ салгыҥҥа куһаҕан эттиктэр тарҕаныылара.
«РНГ» АУо Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газовай конденсат хостонор сирин Илин блогар (ВБ СБ НГКМ) попутнай нефтяной гааһы (ПНГ) туһаныы анал бырайыагар 3,8 млрд солк. көрдө.
Инньэ гынан 2021 сыл бүтүөр диэри пластка гааһы төттөрү хачайдыыр систиэмэ оҥоһуллан, таҥыллан үлэҕэ киириэхтээх. Бу бырайыак чэрчитинэн, компрессорнай станция туруохтаах, 6 газонагнетательнай скважина оҥоһуллуохтаах, 27 км уһуннаах үрдүк дабылыанньалаах газ турбаларын тутуу үлэтэ барыахтаах.
Бырайыак киэҥ хабааннаахтык ыытыллар. Ол курдук бу үлэҕэ 40 дойду таһымнаах хампаанньалар кыттыыны ылаллара былааннанар, кинилэр истэригэр оборудованиены, матырыйааллары, прибордары тиэрдэн биэрэр, хааччыйааччы хампаанньалар.
Холобур, гааһы төттөрү хачайдыыр установканан хааччыйааччы Jereh диэн Кытай хампаанньатын, Россиятааҕы салаатын тэрилтэтэ буолар. Бу хампаанньа үлэтэ бүттүүн дойдуга бастыҥынан биллэр. Компрессордар Ariel уонна INNIO (Waukesha атыы маарката, эрдэ – General Electric) курдук аатырар америка бастыҥ тэрилтэлэригэр оҥоһуллан таҕыстылар.
Үлэлэри «РНГ» АУо иһинэн үлэлиир тэрилтэ иилээн-саҕалаан ыытыаҕа. Тэрилтэ уопуттаах, производственнай эбийиэктэргэ олоххо киллэрбит хас да бырайыактардаах. Маны сэргэ Саха Республикатын транспортнай инфраструктуратын сайыннарыыга эмиэ элбэх өҥөлөөх.