Саҥа хамсааһын таһаҕаһы тиэйиигэ, үлэ көдьүүстээх буолуутугар улахан туһалаах буолуоҕа
«РНГ Снабжение» ХЭТ, «РНГ» хампаанньа иһинэн үлэлиир, транспортнай-логистическэй салааны хааччыйар тэрилтэ буолар. «АЛРОСА» АХ ыскылаат баазатын ылан, докумуоннаһыы үлэтин түмүктээтэ. Бу икки хампаанньалар Саха Республикатын территориятыгар, Мииринэй оройуонун сиригэр-уотугар үлэлииллэр, онон партнер буолан биир ситимнээхтэр.
Ленскэйгэ ыскылаат баазата өрүс пуордуттан уонна нефтебазаттан чугас турар буолан хайа да өттүнэн табыгастаах. Эбийиэккэ таһаҕаһы харайыыга бары усулуобуйа оҥоһуллар: 3 арочнай ыскылаат, кытаанах бүрүөһүннээх 7 га иэннээх былассаакка, 12 тоннаны кыайар козловой кыраан.
Бүгүҥҥү күҥҥэ «РНГ Снабжение» ХЭТ бас билиитигэр ыскылаат баазалара Иркутскай уобалаһыгар, Усть-Кут бөһүөлэгэр уонна тирэх баазаҕа Мииринэй оройуонугар бааллар. Мииринэй оройуонугар Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газ конденсата хостонор Илин блогар оҥорон таһаарыы сүрүн үлэтэ ыытыллар. Лена өрүскэ турар ыскылаат баазата инники өттүгэр, РНГ хампаанньа тэрийэр үлэтигэр, сөптөөх хайысханан салайыыга улахан көдьүүстээх буолуоҕа.
Маны сэргэ бэйэ баазата ороскуоту аччатар, хааччаҕа суох, атын бэдэрээччити туһаммакка, таһаҕаһы тиэйэргэ өҥөтө эмиэ улахан.
2021 сыллааҕы навигацияҕа «РНГ Снабжение» тэрилтэ Ленскэй куоратынан 15 000 туонна таһаҕаһы тиэйэр былааннаах. Инники өттүгэр транспортнай-логистическэй хайысханы сайыннарыы «РНГ» тус сыаллаах, киэҥ далааһыннаах былаана буолар.