Саха Сиригэр Өлүөнэ өрүскэ быйылгы сыллааҕы навигация үлэтэ түмүктэннэ. Навигация кэмигэр «РНГ Снабжение» ХЭТ өрүс суолунан таһаҕаһы тиэйиитин көрдөрүүтэ 16.6 тыһыынча туоннаҕа тэҥнэстэ, инньэ гынан былаан туолуута 110 % буолла.
«Өлүөнэ өрүскэ бэйэ флотун кыаҕын үрдэтии, таһаҕаһы тиэйии көрдөрүүтүн эмиэ биллэ улаатыннарда. Маныаха Усть-Куйгаҕа кииннээн үлэлиир өрүс тырааныспарын салайар састаап, И.Блинов, Д.Суховаров, Д.Крамник, С.Стяжкин уонна Д.Копцев, үрдүк көрдөрүүлээх үлэлэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Быйылгы сыллааҕы былааны толорууга кинилэр билиилэрэ-көрүүлэрэ, сатабыллара сыалы ситиһэргэ улахан оруолу ылла», — диэн «РНГ» АУо ыскылаакка уонна транспортнай логистикаҕа салаа начальнига Вадим Тарасов бэлиэтээн эттэ.
Хамаанда таһаарыылаах үлэтэ, суудуналары уонна бааржалары кэмигэр өрөмүөннээн, көрө-истэн хааччыйыыттан быһаччы тутулуктаах. Маны сэргэ, кэмигэр ыытыллыбыт саҥардыы үлэтэ «РНГ Снабжение» ХЭТ сүрүн маршруттарга айанын орто сырыытын түргэтэттэ. Холобур, ааспыт 2020 сылга 8432 туонна тиэллибит буоллаҕына, 2021 сылга 9327 туоннаҕа тиийэ улаатта.
Бүгүҥҥү күҥҥэ суудуна барыта кыһыҥҥы кэмҥэ турар сирдэригэр, Ленскэйгэ уонна Усть-Кут бөһүөлэгэр тиийдилэр.
«РНГ Снабжение» ХЭТ – Уһук Илин Федеральнай уокурукка Россия уонна аан дойду оҥорон таһаарар тэрилтэлэрин матырыйаалынан, оборудованиенан, саппаас чаастарынан хааччыйыыга, тиэрдэн биэриигэ, уонна атыылаһыы комплекснай өҥөтүн оҥорор торговай-логистическэй оператор буолар. Тиэрдиллэр матырыйаал уонна оборудование хаачыстыбатыгар улахан болҕомтотун ууран туран үлэлиир.