Хампаанньа «РНГ» бөлөҕөр киирэр тэрилтэлэри, «Истсиб Холдинг» бары структураларын уонна Саха Сирин бөдөҥ холбоһуктарын туһааннаах матырыйаалларынан биир кэлим хааччыйар өҥөнү оҥорор.
«РНГ Снабжение» ХЭТ сыл ахсын 5 млрд солкуобайтан кырата суох сууммалаах, 50 000 тахса ахсааннаах табаар араас көрүҥүн атыылаһар. Ол курдук, үлэлээбит сылларын тухары 4000 тахса дуогабар түһэрсилиннэ. Сүрүн поставщиктар (95 %) – россия иһинээҕи оҥорон таһаарааччылар. Тас дойдулары кытта үлэ сэдэхтик ыытыллар, ол эбэтэр туһааннаах отечественнэй табаар суох эрэ буоллаҕына.
«РНГ Снабжение» тиэрдиллэр матырыйаал уонна оборудование хаачыстыбатыгар улахан болҕомтотун ууран туран үлэлиир. Ол иһигэр контрафакт уонна коррупция киирсэллэр. «Атыылаһыы хас биирдии түһүмэҕэ, хааччыйыы уонна атыылаһыы Королевскай институтун анал мэктиэлээһинигэр олоҕурар. Манна туһуламмыт ырытан оҥоруулар, араас хайысхаларга үлэлиир 3000-тан тахса исписэлиис уонна учуонайдар бигэргэтиилэринэн, кинилэр ыйан-кэрдэн биэриилэринэн оҥоһуллубута», – диэн «РНГ Снабжение» ХЭТ УМТС начальнига Виталий Туник бэлиэтиир.
Бүгүҥҥү күҥҥэ хампаанньа ыскылааттарын базалара Москваҕа, Ленскэйгэ, Усть-Кут бөһүөлэгэр уонна Мииринэйгэ бааллар. «РНГ Снабжение» — хайа баҕарар түгэҥҥэ ырыынак усулуобуйатыгар бэйэтин көрүүтүн киллэриэн сөптөөх, тутулуга суох транспортнай-логистическэй оператор буолар. Хампаанньа бэйэтин сыалыгар туһанар кыра тонналаах флоттаах.
«РНГ Снабжение» тэрилтэҕэ төһөлөөх да ыарахан бырайыактары үлэҕэ киллэрэр, үрдүк таһымнаах исписэлиистэр үлэлииллэр. Улахан аҥардара, атыылаһыы хайысхатыгар 10-тан тахсалыы сыл үлэлээбит уопуттаахтар. Кинилэр истэригэр кытай тылын баһылаабыт исписэлиистэр бааллар.