Ленскэй куоракка борохуот тиксэр сиригэр инфраструктураны сайыннарыы, бэйэ флотун күүскэ туһанан таһаҕас тиэйиитин көрдөрүүтүн үрдэтии – бу хампаанньа сайыҥҥы кэмҥэ өрө тутар, бастакынан сылдьар былааннара.
«РНГ Снабжение» ХЭТ туруоруммут сыалын ситиһэригэр, көдьүүстээхтик олоххо киллэрэригэр транспортнай-логистическэй хайысха сайдыытын кытары бииргэ ситимниир. Хампаанньа Усть-Кут куоратыгар ыскылаат комплексыгар сэрэхтээх таһаҕаһы тутарга анал көҥүл ылбыта. Маны таһынан, эмиэ Усть-Кут куоратыгар, тиэйии-таһыы үлэтэ өссө күүскэ сайдарыгар туһаайан урукку тимир суолу сөргүтэн үлэлэттэ.
«РНГ» АУо ыскылааттарга уонна транспортнай логистикаҕа салаатын салайааччыта Вадим Тарасов бу курдук бэлиэтиир: «Үрдүк таһымнаах үлэһиттэрдээх, маны сэргэ үлэни хаачыстыбалаахтык тэрийэр кыах баар буолан хампаанньа сайдар. Ол курдук, “РНГ Снабжение” ХЭТ таһаҕаһы тиэйиигэ болдьохтон хаалыыта суох сыалын ситиһиилээхтик толорор. Тэрилтэ суудуналары элбэтиигэ, саҥардыыга улахан болҕомтотун уурар».
Даҕатан эттэххэ, «РНГ Снабжение» тэрилтэ үлэтэ, ааспыт сыллааҕы навигация түмүгүнэн, партнер хампаанньалартан элбэх биһирэбили ылбыта. Ол курдук, Иркутскай уобалас уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин кырдьаҕас оператора «Речсервис» тэрилтэ бииргэ үлэлэһии түмүгүнэн, анаан-минээн, махтал сурук ыытан турар.