Российскай Федерация Транспортка Министиэристибэтин иһинэн үлэлиир тимир суол тырааныспарын Федеральнай Агенствота Усть-Кут бөһүөлэгэр үлэлиир ыскылаат баазатыгар тимир суол улахан туонналаах контейнердарын тиэйиигэ-таһыыга көҥүл ылла.
Транспортнай-логистическай инфраструктураны сайыннарыы уонна уларыта тутуу – транспорт логистикатын үлэтин көдьүүстээх оҥорууга тутаах суолтаны биэрэр. Таһаҕаһы тиэйиигэ кыаҕы улаатыннарыы — 20-лии, 45- тии фут ыйааһыннаах, 30.48 туоннаҕа тиийэр улахан контейнердары тиэйии – производственнай соруктары толорорго көмө буолар.
«Биһиги хамаандабыт үлэтигэр үрдүкү сыанабыл биэрбиккитигэр уонна көмө буолбуккутугар Федеральнай агенстоваҕа махталбытын тиэрдэбит. Тиэллэр таһаҕас кыамтатын улаатыннарыы уопсай хампаанньа үлэтэ өссө тэтимнээх буоларыгар кыах биэрэр», — диэн «РНГ» АУо ыскылаакка уонна транспортнай логистикаҕа салаа начальнига Вадим Тарасов бэлиэтээн эттэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ Усть-Кут баазата саҥа тииптээх таһаҕаһы тиэйиигэ бэлэмнэнии үлэтин ыытар.
«РНГ Снабжение» ХЭТ –россиятааҕы уонна аан дойду бастыҥ оҥорон таһаарааччыларын саппаас чаастарын, матырыйаалларын атыылаһан уонна тиэрдэн биэриинэн өҥө оҥорон Уһук Илин федеральнай уокурук тэрилтэлэрин хааччыйан олорор торговай-логистическай оператор.