Төһө да дойду үрдүнэн экономика балаһыанньата уустук буоллар, хампаанньа бары сулууспаларын үлэтин сөпкө дьаһайан саҥа сылы үтүө түмүктэрдээх көрсөр.
«РНГ» АУо топливнай-энергетическэй комплекс (ТЭК) бастыҥ, тутаах тэрилтэлэрин ахсааныгар киирдэ. Хампаанньа үлэһиттэрэ Саха Сирин социальнай-экномическэй сайдыытыгар кылааттарын иһин наҕараадалары туттулар. Хааччахтааһыны аахсыбакка хампаанньа геологическэй чинчийии, тутуу уонна транспортнай-логистическэй салааны сайыннарарга киэҥ хабааннаах үлэ ыытылынна. Ааспыт 2020 сыл ситиһиилэрэ:
Тохсунньу 20 күнэ.
«РНГ» АУо аан бастакытын мөлүйүөн тонна ниэп хостоото.
Санатан эттэххэ, Орто Ботуобуйа илин хайысхатыгар баар ниэп, газ, газ конденсата хостонор баайдаах сир (ВБ СБ НГКМ) промышленнай эксплутацията 2019 сыл атырдьах ыйын 29 күнүттэн саҕаламмыта. Производственнэй эбийиэктэр тутуулара бэрт кылгас бириэмэ иһигэр ыытыллыбыттара, онтон сиртэн хостонор баайдаах сири туһаныыга нефтесервис бастыҥ өҥөтүн оҥорор аан дойду уонна дойду таһымнаах хампаанньалар кыттыыны ылбыттара.
Алтынньы 5 күнэ.
Саха Сиригэр «РНГ» хампаанньа көмөтүнэн тутуллубут 2 саҥа муоста үлэҕэ киирэр.
Бу икки эбийиэктэр «Бүлүү» федеральнай суолга бааллар, дойду үрдүнэн ыытыллыбыт хааччахтааһын миэрэлэрин аахсыбатахха, 1 ый эрдэлээн үлэҕэ киирдилэр. Пандемия усулуобуйатыгар бары ирдэбиллэр тутуһуллан, сэрэтии үлэтэ эмиэ миэстэтигэр толору ыытыллар.
Алтынньы 23 күнэ.
«РНГ» АУо Россиятааҕы экономическэй оскуола партнерунан билиниллэр.
Тустаах программа 2020 сыл балаҕан ыйыттан үлэлиир уонна сүрүн болҕомтону устудьуоннарга уурар. Бу курдук «РНГ» АУо аныгы олох тэтиминэн экономическэй үөрэхтээһин сайдыытыгар төһүү күүс буолар
Сэтинньи 9 күнэ.
Кытаанах бөҕү туһаныыга полигон арыллар.
«РНГ» АУо Орто Ботуобуйа илин блогар баар сиртэн хостонор баайдаах сир территориятыгар тахсар бөҕү-саҕы айылҕаҕа буортута суох дьаһайар полигон үлэтин саҕалыыр. Бу полигон Саха Сирин социальнай-экономическэй сайдыытын анал программаьыгар тирэҕирэн Мирнэй оройуонун Таас-Үрэх нэһилиэгин кытта эмиэ үлэлэһиэхтээх.
Сэтинньи 17 күнэ.
«РНГ» АУо Роспотребнадзор бэрэбиэркэтин ааста.
Сыл түмүгүнэн федеральнай сулууспа бэрэбиэркэтэ биир да кэһиини булбата. Коронавируснай инфекция утары үлэҕэ, ирдэбиллэри тутуһууга уонна сэрэтиигэ хампаанньа үлэтэ сөптөөҕүнэн сыаналанна. Бу үлэни хампаанньа бэйэтин эрэ территориятыгар ыыппата, улуустааҕы доруобуйа харыстабылын салаатыгар, чуолаан Мииринэйдээҕи балыыһаҕа күүс-көмө буолла.
Сэтинньи 25 күнэ.
Саҥа газ конденсата хостонор сирэ арылынна.
«РНГ» АУо кыттыылаах Саха Сирин Ленскэй оройуонугар инникилээх, кэскиллээх газ конденсатын хостонор сирэ арылынна. Ахсынньы 4 күнүгэр «Государственная комиссия по запасам» (ФБУ «ГКЗ») федеральнай тэрилтэ сир баайдаах сири арыйыыны анал докумуонунан бигэргэттэ уонна 2014-2019 сс «РНГ» хампаанньа генеральнай дириэктэринэн үлэлии сылдьыбыт И. М. Меньшикова аатын иҥэрдэ.
Ахсынньы 8 күнэ.
Ленскэй куоракка ыскылаат базата үлэтин саҕалаата
Ыскылаат өрүс пуордуттан уонна Ленскэйдээҕи нефтебазаттан чугас турар буолан «РНГ Снабжение» тэрилтэ кимтэн да тутулуга суох транспортнай-логистическэй өҥөнү оҥороругар, итиэннэ үлэни бүттүүн сүрүннүүр «РНГ» хампаанньаҕа улахан көдьүүстээх буолуоҕа, көрдөрүү таһымын үрдэтиэҕэ.
Ахсынньы 23 күнэ.
«РНГ» АУо «МедиаТЭК» бириэмийэтин ылла.
Дойдуга эпидемиологическэй балаһыанньа мөлтөөһүнүн кытта хампаанньа сэрэтэр үлэни күүскэ ыытан саҕалаабыта. Мантан сиэттэрэн хампаанньа сорох үлэһиттэрин кэтэхтэн үлэҕэ көһөрбүтэ. Хампаанньа “РНГ АУо –медиктэргэ” диэн көмө программаны олоххо киллэрбитэ. Бу аахсыйа дойду таһымнаах «МедиаТЭК» бириэмийэ «Социальная и экологическая инициатива» диэн номинацияҕа кыттан кыайыылаах аатын ылла.