Мииринэйдээ5и балыксыттар уонна булчуттар уопсастыбаларыгар хампаанньа тиэхиньикэнэн уонна саппаас чааһынан көмөлөстө.
Бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥин докумуонугар олоҕуран хампаанньа «Сибирские вездеходы» марка хаарга, бадарааҥҥа сылдьар техникаларын атыылаһан биэрдэ, маны сэргэ, «ТРЭКОЛ» вездеходка саппаас чааһынан көмөлөстө. Көмө уопсай сууммата 3 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ. Техникалар, хампаанньа бэйэ логистическэй салаалаах буолан, номнуо алтынньы ыйга кэлэллэрэ былааннанар.
««РНГ» АУо Мииринэйдээ5и балыксыттар уонна булчуттар уопсастыбаларын кытта хаһыс да сылын ыкса ситимнээх үлэлиир. Булт хаһаайыстыбаларын сайыннарыы, өйөөһүн хайаан да наада. Маны таһынан, көҥүлэ суох бултааһыҥҥа уопсастыба улахан көдьүүстээх үлэни ыытар», — диэн генеральнай дириэктэри солбуйааччы, «РНГ» АУо кылаабынай инженерэ Евгений Черыкаев бэлиэтиир.
«РНГ» АУо «Истсиб холдинг» хампаанньаларын кытта социальнай-экономическэй сайдыыга бииргэ үлэлэһии докумуонугар оло5уран Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэригэр бу курдук араас таһымнаах көмө оҥорор.