Перейти к основному содержанию

«РНГ» АУо бигэ тирэхтээх сайдыы уобалаһыгар «А» рейтиҥҥэ киирдэ

17 июня 2021

AK&M ааҕыныстыба хампаанньа үлэтин национальнай рейтиҥҥэ саамай үрдүктүк сыаналаата.

«РНГ» АУо экономическэй, социальнай уонна экологическэй хайысхаларга ыытар үлэтин аналитиктар бэлиэтии уонна биһирии көрдүлэр.

«»РНГ» АУо үлэҕэ эппиэтинэстээх уонна аныгылыы көрүүлээх салайыыта хампаанньа инникитигэр, үлэһиттэр үтүө туруктаах буолууларыгар, регион социальнай сайдыытыгар, тулалыыр эйгэҕэ, айылҕа харыстабылыгар улахан көмөлөөх уонна туһалаах», – диэн AK&M ааҕыныстыба генеральнай дириэктэрэ Зоя Ларькина санаатын түмүктээн эттэ.

Ааҕыныстыба оччуотугар этиллибитинэн, «РНГ» АУо оҥорон таһаарыы бары хайысхатыгар экологическэй куттал суоһаабатын туһугар улахан сыратын ууран үлэлиир. Ол курдук, тулалыыр эйгэ харыстабылыгар хампаанньа ороскуота сыл ахсын улахан болҕомтоҕо турара, улаатара тоһоҕолоон бэлиэтэннэ.

AK&M экспертэрэ «РНГ» хампаанньа киһи хапытаалын сайыннарыы боппуруостарыгар, үлэ харыстабылыгар уонна промышленнай куттал суох буолуутун хааччыйыытыгар, тус сыаллаах программаларыгар ураты сыһыаныгар эмиэ тохтоон, бэлиэтээн аастылар.

«РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин бу курдук бэлиэтиир: «»РНГ» АУо бэйэтин үлэтигэр бигэ тирэхтээх сайдыы тосхоллоругар тирэнэр, маны сэргэ, хампаанньа таһаарыылаах үлэтин сыанабыла аҥардас упкэ-харчыга эрэ тирэҕирбэт, бу боппуруоһу инники туппат. Хампаанньа Саха Сирин сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрэр. Бу биһиги сүрүн сыалбыт-сорукпут буолар».

AK&M ааҕыныстыба национальнай рейтинэ 4 кылаастан турар, хас биирдии кылаас хампаанньа тирэхтээх сайдыытын ханнык таһымҥа турарын сыаналыыр. «РНГ» АУо ылбыт рейтинэ саамай улахан кылааска киирсэр.