Дойду регионнарын үрдүкү үөрэҕин кыһаларын талааннаах үөрэнээччилэрэ Россиятааҕы Экономическэй Оскуолаҕа (РЭШ) босхо үөрэнэллэригэр кыах үөскээтэ. Бу хампаанньа уонна үөрэх кыһатын бииргэ үлэлэһэллэрин түмүгэ.
Үтүөнү оҥоруу программата 2020 сыл балаҕан ыйыттан саҕаламмыта уонна 2021/22 үөрэх сылларыгар уһаан биэрбитэ. Өйөбүл тосхолугар олоҕуран 10-тан 100 % тиийэ, үөрэҕи ыларга толору эбэтэр аҥардаан чэпчэтии оҥорор граннар, атын регионнартан кэлэн үөрэнээччилэргэ уопсай дьиэнэн хааччыллыыга чэпчэтиилэр, оскуола экономикаҕа салаатын профессордарын ааттарынан хайысхалар бааллар.
«Россиятааҕы Экономическэй Оскуола «РНГ» хампаанньаҕа, үөрэнээччилэргэ өйөбүлүн иһин махталын биллэрэр. Биһиги оскуолабытын бүтэрбит оҕолор аан дойду уонна Россия бастыҥ хампаанньаларыгар үлэлииллэр, дойду тас өттүгэр үөрэхтэрин салгыыллар», — диэтэ Россиятааҕы Экономическай Оскуола ректора Рубен Ениколопов.
Ааспыт үөрэх сылыгар «РНГ» АУо өйөбүлүнэн 41 устудьуон уопсай дьиэнэн хааччыллыбыта, онтон 27 устудьуон үөрэх төлөбүрүгэр грант ылбыттара.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги дойдубут иннигэр баараҕай бырайыактар, экономическэй ыҥырыылар олоххо киириигэ бэлэмнэнэллэр, онон бу хайысхаҕа олус элбэх, үрдүк таһымнаах исписэлиис ирдэнэр. Маннык көстүү өссө хаһан да бэлиэтэнэ илигэ. Россиятааҕы Экономическэй Оскуола россия экономикатыгар үлэлиир исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарар, биир тарбахха баттанар, бастыҥ үөрэх кыһата буолар. Биһиги устудьуоннарга граннары олохтообуппут хаһыс да сыла, бу программаны өссө да өйүүр былааннаахпыт», — диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин бэлиэтээн эттэ.