Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, гаас, гаас конденсата хостонор сирин Илин блога (ВБ СБ НГКМ) үлэҕэ киириэҕиттэн ниэп хостонуутун көрдөрүүтэ 3 мөлүйүөн туоннаҕа тиийдэ.
Хампаанньа геологическэй чинчийии ньымаларын тупсарар, сири хастарыы көдьүүстээхтик ыытылларын ситиһэр, оҥорон таһаарыы хас биирдии түһүмэҕэр цифровой технологиялары туһанар, аан дойду таһымнаах ниэп хампаанньаларын кытары бииргэ үлэлэһэр, былааннаахтык оҥорон таһаарыы күүһүн кэҥэтэр.
«»РНГ» АУо сайдыыга туһаайан үлэлиир. Саҥа технологиялары олоххо киллэрии, бу хайысхаҕа үлэни көдьүүстээхтик ыытыы, уустук үлэлээх саппааһы хостооһуҥҥа ороскуоту аччатта. Производственнай ситиһиилэр төрүөттэрэ, бастакы уочарат, үрдүк таһымнаах, киэҥ билиилээх-көрүүлээх хамаандаттан, кини сыралаах үлэтиттэн тутулуктаах. Хамаанда кэскиллээх былааныгар ESG бириинсиптэригэр олоҕуран үлэни салайыы инники күөҥҥэ туруоҕа», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин бэлиэтээн эттэ.
«РНГ» АУо производственнай соруктары ситиһиилээхтик олоххо киллэрэригэр өрүүтүн экологическэй уонна промышленнай куттал суох буолуутун хааччыйар программаларын тупсарар. Киэҥ эйгэлээх социальнай уонна культурнай көҕүлээһиннэри өрө тутар.
2014 сылтан саҕалаан «РНГ» АУо Саха сирин сайдыытыгар туһуланар бырайыактарыгар инвестиция көрдөрүүтэ биир миллиард доллары куоһарда. Бу курдук хампаанньа регион социальнай уонна экономическэй сайдыытын туһугар ылыммыт сыалын ыһыктыбакка үлэлиир, үлэтин өссө да күүһүрдэр былааннаах.