Хампаанньа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр күлүөнэ тус сыаллаах пуондатын кытта бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэрсэн, үөрэхтээһин салаатын бастыҥ үлэһиттэрин быһаарар күрэҕи үбүлүөҕэ. Тэрээһин Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр ананар.
Тэрээһиҥҥэ государственнай, муниципальнай уонна чааһынай үөрэх тэрилтэлэрин учууталлара, тренердара кыттыыны ылыахтара. 100 бастыҥ үлэлээх, идэлэригэр бэриниилээх дьон 100-түү тыһыынча харчынан бириэмийэни тутуохтара.
«Куонкурус кылаабынай сыала – үөрэхтээһин салаатыгар каадыр боппуруоһун быһаарарга, сайыннарарга кыах биэрии. Үүнэр көлүөнэни иитии, хаачыстыбаннай үөрэҕи тэрийии идэҕэ бэриниилээх буолууттан, үрдүк таһымнаах педагогтартан быһаччы тутулуктаах», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин бэлиэтээн эттэ.
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир тэрээһиннэр 2022 сылга ыытыллыахтара. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэри ыытыы, культурнай-сырдатар үлэ Өрөспүүбүлүкэ бырабыытылыстыбатын анал дьаһалыгар олоҕуран бигэргэнэн турар.
«Талааннаах учууталлары, тренердары өйөөһүн улахан суолталаах. Кинилэр үлэлэриттэн кэлэр көлүөнэ ыччат инники сайдыыта, дьылҕата улахан тутулуктаах диэтэхпитинэ алҕас суох. Педагог чэпчэкитэ суох үлэтин өйөөн биһиги оҕолорбут инникилэригэр дьоһун кылааппытын угабыт, көмө буолабыт», – диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата» коммерческайа суох тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Владимир Егоров бэйэтин санаатын үллэһиннэ.