Перейти к основному содержанию

«РНГ» АУо Итало-Российскай атыы-эргиэн палаататын састаабыгар киирдэ

12 ноября 2021

Хампаанньа аан дойду таһымнаах тэрилтэлэри уонна ассоциациялары кытары биир ситимнээх үлэтин салгыы ыытар.

«РНГ» АУо олоххо киллэрэр бырайыактара ситиһиилээхтэр уонна хампаанньа улахан уопуттаах буолан бэйэтин экспертизатын атын хампаанньалары кытары үллэстэргэ  бэлэмин биллэрэр.

Хас сыл ахсын хампаанньа үлэлиир хайысхаларын көрүҥүн элбэтэ турар. Ниэп хостооһунун, геологическэй чинчийии таһынан, кэнники сылларга көдьүүстээхтик транспортнай, логистическэй, экспорт хайысхалара ситиһиилээхтик сайдаллар. Тэрилтэ бу үлэлэргэ барытыгар, аныгы кэм ирдэбилинэн, араас саҥа технологиялары күүскэ туһанар. «РНГ» АУо оборудованиены уонна техниканы атыылаһан тиэрдэн биэриигэ улахан болҕомтотун аан дойду таһымнаах тэрилтэлэри кытары үлэҕэ уурар. Холобур, кинилэр истэригэр, Италия оҥорон таһаарааччылара сүрүн миэстэни ылаллар.

Итало-Российскай атыы-эргиэн палаататын (ИРТП) Москватааҕы бэрэстэбиитилистибэтин генеральнай дириэктэрэ Юрий Агапов бу курдук бэлиэтиир: «“РНГ” АУо – Россия топливнай-энергетическэй комплексын биир эрчимнээхтик сайдар тэрилтэтэ буолар. Хампаанньа палаата састаабыгар киириитэ, бииргэ үлэлэһиигэ элбэх үтүө өрүттээх буолуоҕа. Ниэп, гаас хайысхата сайдыытыгар, технология таһыма үрдүүрүгэр,  Илин Сибиир холобуругар олоҕуран, сыаннай кылаатын угуоҕа диэн бигэтик эрэнэбит».

«“РНГ” АУо Российскай Федерация биир саамай улахан, ыарахан климатическэй усулуобуйалаах регионугар үлэни ыытар. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ  – хайа да өттүттэн харыстабыллаах сыһыаны ирдиир.  Ол да иһин хампаанньа олоххо киллэрэр бырайыактарыгар, тулалыыр эйгэҕэ улахан хоромньу тахсыбатын курдук,  анал технология көмөтө күүскэ туһаныллар. Италия уонна Россия холбоһуктаах атыы-эргиэн  палааталарыгар киирии саҥа билиини, уопуту бириэрэ саарбахтаммат. Өр сыллаах былааны олохтооһун — хампаанньа кэскиллээх сайдыытын биир сүрүн оҥкула буолар», – диэн бэйэтин санаатын «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин эттэ.

Итало-Российскай атыы-эргиэн  палаатата  1964 сыллаахтан Россия уонна Италия хампаанньаларыгар экономическэй сыһыаны бөҕөргөтүүгэ, инвестицияҕа, икки судаарыстыба икки ардыгар  атыы-эргиэн хамсааһыныгар   улахан өйөбүл буолар.