Хампаанньа Российско-британскай атыы-эргиэн палататыгар уонна Франко-российскай атыы-эргиэн промышленнай палататын кытары холбоһон үлэтин саҕалаата.
«РНГ» АУо хас сыл ахсын үлэтин хаачыстыбатын тупсаран, үлэ хайысхатын кэҥэтэр. Хампаанньа бүгүҥҥү күҥҥэ геологическэй чинчийиилэри оҥорор, ниэп, газ баайдаах сирдэргэ хостооһуну салайар, маны сэргэ тутуу салаатын, транспортнай-логистическэй хайысхалары сайыннарар.
Бастыҥ үлэлээх, кимтэн да тутулуга суох нефтегазовай хампаанньаны тэрийэргэ улахан үлэ ирдэнэр. Маныаха «РНГ» АУо ханнык да экономическэй хааччахтары аахсыбакка, аан дойду ырыынагар таһаарыылаах үлэлээх лидер-хампаанньалары кытары үлэлэһэр.
Хампаанньа партнердарын испиэһэгэр – бастыҥ оборудованиенан, техниканан хааччыйар тэрилтэлэр, ниэп, газ саппааһын чинчийэр хампаанньалар киирэллэр. Кинилэр истэригэр США, Франция, Великобритания, Италия, Германия уонна Китай ааттаах-суоллаах бас-көс тэрилтэлэрэ бааллар.
Франко-российскай атыы-эргиэн -промышленнай палататын састаабыгар 400 тахса араас хампаанньа киирэр, манна араас салаалар специалистара уопсайа 15 кэмитиэтинэн тарҕанан үлэлииллэр. Палата сүрүн сыала — Франция уонна Россия икки ардыгар экономическэй уонна атыыга сибээстэрин бөҕөргөтүү буолар.
Российскай-британскай атыы палатата 1916 сыллаахтан Россия уонна Великобритания хампаанньаларыгар экономическэй сыһыаннаһыыга, инвестицияҕа, икки судаарыстыбаны ситимниир үлэҕэ улахан өйөбүллээх.
Норуоттар икки ардыларынааҕы ассоциацияларга киирэргэ, «РНГ» АУо семинардарга, конференцияларга кыттан общественнэй үлэ хамсааһынын күүһүрдэр былааннаах. Хампаанньа бигэ эрэллээх – дойдуга бизнес сайдыытын бөҕөргөтөргө аан дойду таһымнаах бастыҥ үлэлээх тэрилтэлэри кытта үлэ үтүө эрэ өрүттээх.