Энергетическэй комплекс бырайыага Сүлдьүкээрдээҕи сиртэн хостонор баайдаах сиргэ анал экспертизаны ааста.
«Истсиб холдинг» хампаанньа бөлөҕө попутнай нефтяной гааһы (ПНГ) туһанан электроэнергия генерациятын программатын олоххо киллэрэр. Бу программа үлэтэ ПНГ-һы сөпкө туһаныыга, көрдөрүүнү тупсарарга туһуланар. Өссө биир үтүө өрүтэ – электроэнергияны атыылаһыыны суох оҥоруохтаах.
Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газ конденсата хостонор сирин Илин блогар (ВБ СБ НГКМ) өссө 2019 сыллаахха 5 МВт кыамталаах энергетическэй комплекс үлэҕэ киирбитэ. Бу баайдаах сиргэ хостонор ПНГ-һы туһанан электроэнергияны оҥорон таһаарыыга итиэннэ бэйэ хостооһун үлэтин тэрийэр араас хайысхаларыгар улахан наадалаах.
2021 сылга бырайыак иккис уочарата үлэҕэ киириэҕэ. Өскөтүн «РНГ» АУо энергетическэй комплекс кыамтатын улаатыннарар түгэнигэр электроэнергияны атыылаһартан аккаастаныахтаах.
«РНГ» АУо үлэ былаанын олоххо киллэрэр түгэнигэр «Истсиб холдинг» сүрүн тэрилтэлэрэ бэйэлэрин лицензионнай учаастактарыгар бу хамсааһыны эмиэ ыытан саҕалыахтаахтар. Холобур, «СюльдюкарНефтеГаз» тэрилтэ номнуо бырайыактааһын докумуоннарыгар, инженернай чинчийиилэргэ экспертизаны ыытан, «СК Ресурс» ХЭТ биһириир түмүгүн ылан турар. Тутуу уонна монтаж үлэлэрэ 2021 сыл сайыныгар былааҥҥа тураллар.