Россиятааҕы Экономическэй Оскуоланы (РЭШ) кытары бииргэ үлэлэһии анал тосхолугар олоҕуран, хампаанньа бэйэтин суотугар устудьуоннары уопсай дьиэнэн хааччыйар.
«РНГ» АУо Россиятааҕы Экономическэй Оскуоланы өйөөһүҥҥэ анал программата 2020 сыл, балаҕай ыйыттан үлэлиир. Бииргэ үлэлэһии сүрүн хайысхатынан дойду уонна аан дойду экономическэй наукатын сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэриитэ буолар. Ол курдук, туһааннаах тосхолго олоҕуран, дойду биир бастыҥ экономическэй үрдүк үөрэҕин кыһатын профессордара чинчийии үлэлэрин салгыы ыытар кыахтаммыттара.
Маны сэргэ, программаҕа дойду араас регионнарыттан үөрэнэ кэлэр оҕолорго грантовай өйөбүлү оҥоруу киирэр. Итиэннэ, талааннаах оҕолор биир сүрүн кыһалҕаларын быһааран, уопсай дьиэнэн хааччыллыыларыгар көмө буолар. Холобур, уопсай дьиэ төлөбүрүн сорох чааһын, биитэр бүтүннүү уйунар. Быйылгы үөрэх дьылыгар программа5а кыттар 20% устудьуон хампаанньа суотугар уопсай дьиэнэн босхо хааччыллар, ордуга 50% чэпчэтиини туһанар.
«РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин бу курдук бэлиэтиир: «Россиятааҕы Экономическэй Оскуола аан дойду научнай эйгэтигэр улахан суолталаах – бастыҥ экономистар холбоһуктарын бэлэмниир уонна Россияны ааттатар. Бу курдук биһиги улахан туһалаах үлэҕэ кыттыгастаахпытыттан үөрэбит. РЭШ-ка үөрэнэргэ, аҥардас баҕа санаа күүһэ эрэ буолбакка, учугэй олорор усулуобуйа ирдэнэрэ саарбаҕа суох».
Үөрэх дьыла саҕаланарыгар Оскуола үөрэнээччилэрэ кампустан 10 килэмиэтир тэйиччи турар «Отель Вояж Парк» гостиница баазатын комплексыгар баар саҥа уопсай дьиэҕэ көспүттэрэ. Устудьуоннар 2 –лии, 3-түү миэстэлээх хосторго олороллор. Уопсайга интернет ситимэ, астанар хостор, сынньанар сир, кыра спортивнай саалалар, үөрэх хосторо бааллар.
РЭШ ректора Рубен Ениколопов бу курдук бэлиэтиир: «Уопсай дьиэнэн хааччыллыы, олорор усулуобуйаны тупсарыы устудьуоннарга да, профессорскай састаапка да улахан наадалаах боппуруос. Онон «РНГ» АУо өттүттэн уопсай дьиэнэн хааччыйыы суолталаах көмө. Араас регионнартан кэлбит талааннаах оҕолор үп-харчы кыһалҕатын билбэккэ, үөрэхтэригэр улахан болҕомтону уураллар».