Мииринэй оройуонун территориятыгар, Бүлүүтээҕи водохранилище салаатыгар — Аанньаах үрэххэ, хампаанньа экологтара 214 тыһыынчаттан тахса быраҥаатта балык ыаматын ыыттылар.
Балык ыамаларын «РНГ» хампаанньа сакааһынан Чернышевскайдааҕы балык собуота лабораторнай усулуобуйаҕа иитэн таһаарда. Бу тэрилтэ Саха Сирин территориятыгар соҕотох балык иитиитинэн дьарыктанар тэрилтэ. «РНГ» хампаанньа номнуо хаһыс да сылын уу ресурсаларын хаҥатар, толорор анал программаҕа кыттар. Бу үлэ регион өрүстэригэр балыгы элбэтиигэ туһуланар.
Экспертэр этэллэринэн, аналлаах кэтээн көрүү түмүгүнэн, чуолаан быраҥаатта ыамата тыыннаах хаалар көрдөрүүтэ үрдүк. Онон бэрт аҕыйах сылынан Бүлүүтээҕи водохранилище уутугар быраҥаатта ууһаан-тэнийэн тахсыаҕа. Балык ыаматын ыытыы анал ирдэбиллэри тутуһары ирдиир. Ол курдук, температурнай шок буолбатын туһуттан анал салапаан пакеттарга уган аҕалан ыыталлар. Ол эрэн, бастаан пакеттары аҕыйах кэм ууга сытыара түһэн баран биирдэ ыыталлар
Бүтүн дойдутааҕы балык хаһаайыстыбатын уонна океанографияны чинчийэр институт анал үөрэтиитин түмүгэр Бүлүүтээҕи водохранилищеҕа уонна кини салааларыгар лососевай көрүҥнэргэ киирсэр балыктарга ас-үөл өттө быдан үчүгэйэ биллибит. Маны сэргэ, уу температурнай эрэһиимэ эмиэ бастыҥ көрдөрүүлээх эбит, онон тыыннаах хаалыытын көрдөрүүтэ үрдүк.
«Хампаанньа бары ирдэбиллэри тутуһан туран уу биологическэй ресурсаларын хаҥатар программаҕа кыттыыны ылар. Бүлүү водохранилищетын салаатыгар — Аанньаах үрэххэ 214 тыһыынчаттан тахса быраҥаатта ыаматын ыытыы улахан ситиһии уонна былааны толоруу буолар», – бу туһунан «РНГ» АУо кылаабынай инженерэ, генеральнай дириэктэри солбуйааччы Евгений Черыкаев бэлиэтээн эттэ.
«РНГ» АУо экологическэй политикатын биир сүрүн чааһа уу биоресурсаларын хаҥатыыны кытта быһаччы сибээстээх. 2018–2020 сылларга хампаанньа экологтара Саха Сирин өрүстэригэр биир мөлүйүөнтэн тахса быраҥаатта балык ыаматын ыыттылар. Ыытыллыбыт чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн, балык ыамалара ыытыллыбыт сирдэрин экосистемаларыгар уларыйыы суох, бары көрдөрүү нуормаҕа эппиэттиир.