Хампаанньа үлэтин-хамнаһын туһунан сиһилии иһитиннэриилэр уонна сонуннар интернет ситимигэр аны сахалыы тылынан тахсар буоллулар. Бу иннинэ саайтка нуучча уонна английскай тылларынан суруллар этэ.
«РНГ» АУо улахан болҕомтотун социальнай салаа сайдыытыгар уурар. Ол туһугар хампаанньа араас сырдатар бырайыактарга, регион култууратын чинчийэр программаларга көхтөөхтүк кыттар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин кытта бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр олоҕуран «РНГ» саайта сахалыы тылбаастанна.
«Саха Сирэ бэйэтэ туспа, ураты, баай нэһилиэстибэлээх. Биһиэхэ сахабыт тылын харыстааһын улахан суолталаах. «РНГ» акционернай уопсастыбаҕа бу сыалбытын ситиһэрбитигэр көмөҕүт, кылааккыт иһин махтанабыт», — диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Мииринэй оройуонугар элбэх үлэ миэстэтин таһаарар тэрилтэ быһыытынан, хампаанньа «Олохтоох каадырдары промышленноска» республикатааҕы бырайыагы өйүүр. Саха Сирин үөрэҕин тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлэһэн «РНГ» АУо ниэп, газ хайысхатыгар эдэр специалистары бэлэмнээн таһаарар программаны олоххо киллэрэр. Сыл ахсын бу идэлэри талан үөрэнэ сылдьар үрдүк үөрэх кыһаларын үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар этэрээттэригэр киирэн төлөбүрдээх сайыҥҥы практикаларын ааһаллар.
«Регион сайдыытын туһугар үлэлээһин – биһиги хампаанньабыт бүгүҥҥү күннээҕи сүрүн сыала. Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын кытта өр сыллаах, бигэ туруктаах бииргэ үлэлэһиини үрдүктүк сыаналыыбыт. Инникитин да сайдыыга улахан суолталаах бырайыактары олоххо киллэриигэ бииргэ үлэлэһиэхпит», — диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин бэлиэтээн эттэ.