Хампаанньа бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр олоҕуран Россиятааҕы экономическэй оскуола (РЭШ) саҥа үөрэнэр дьиэлэнэригэр харчынан көмөлөстө. Үөрэнэр корпус толору аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир, тупсаҕай көстүүлээх уонна «Сколково» инновационнай киин территориятыгар турар.
Россиятааҕы экономическэй оскуола саҥа тутуутун иэнэ 4800 м² тэҥнэстэ. Манна 15-тэн 110 -ҥа тиийэ олорор миэстэлээх 13 аудитория, мультимедийнай оборудование кэмпилиэктэрдээх компьютернай кылаас, библиотеку, үлэһиттэр уонна преподавателлэр офистара, кэпсэтии ыытарга аналлаах хостор, архив кабинеттара баар буоллулар.
«Оскуола 30 сыллаах историятыгар саҥа бастакы кампустанныбыт. Маннык тупсаҕай саҥа дьиэни биһиги үчүгэй партнердардаах, доҕоттордоох буоламмыт ыллыбыт. Биһиги баҕа санаабыт толорбут, үбүнэн күүс-көмө буолбут «РНГ» АУо-ҕа муҥура суох махталбытын биллэрэбит», – диэн Россиятааҕы экономическэй оскуола ректора Рубен Ениколопов махталын тиэртэ.
Хампаанньа Россиятааҕы экономическэй оскуоланы өйөөһүнэ 2020 сыл балаҕан ыйыттан саҕаламмыта. 2 сыл иһигэр араас регионнартан 50 устудьуон дойду биир бастыҥ үрдүк үөрэҕин кыһатыгар үөрэнэригэр анаан граннары ылары ситистилэр, өссө 103 үөрэнээччи уопсай дьиэнэн хааччыйыыга анал чэпчэтиилээх усулуобуйаны туһанна, маны сэргэ, икки профессорскай бириэмийэлэр олохтоннулар.
«РЭШ научнай эйгэҕэ биир сүрүн миэстэни ылар оскуола. Саҥа кэм ирдэбиллэрэ үрдүк таһымнаах сыһыаны ирдииллэр, ол да иһин оскуола бары кыаҕын туһанан дойдуга тарбахха баттанар, биллэр исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарар. Үөрэх саҥа дьиэтэ экономическэй үөрэхтээһин сайдыытыгар, үлахан научнай ситиһиилэр баар буолалларыгар көмө буолуоҕа диэн бигэ эрэллээхпин», – бу курдук санаатын «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин үллэһиннэ.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Россиятааҕы экономическэй оскуолаҕа 500 тахса устудьуон үөрэнэр, онтон 2025 сылга диэри РЭШ 300-нэн элбэх оҕону үөрэххэ ылар кыахтаныаҕа. Оскуола саҥа үөрэхтээһин программатын ылынан 2022 саҥа үөрэх сылыгар бэйэ бас билэр, экономикаҕа туһуламмыт, PhD-программата үлэтин саҕалыаҕа.