Перейти к основному содержанию

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана регион сайдыытыгар «РНГ» АУо улахан кылаатын бэлиэтээтэ

27 мая 2021

Айсен Николаев Саха Сирин экономикатын сайдыытыгар хампаанньа сүҥкэн суолталаах үлэтин үрдүктүк сыаналаата.

Регион Аҕа баһылыга бу курдук бэлиэтиир: ««РНГ» АУо – топливнай-энергетическэй комлекс биир бастыҥ үлэлээх тэрилтэтэ. Хампаанньа Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар ыытар үлэтэ киэҥ хабааннаах. 2020 сылга, уустук экономическэй балаһыанньаны аахсыбакка, «РНГ» АУо бастакы мөлүйүөн туонна ниэбин хостоото, Ленскэй оройуонугар газ конденсата хостонор саҥа сир баайдаах  сири арыйда. Уонна, аны  – Азиатскай-Тихоокеанскай регион дойдуларыгар ыытыыга диэн Саха Сиригэр хостоммут ниэп сүүһүс баартыйатын  тиэйдэ.  Бу тэрилтэҕэ да, Саха Сиригэр да улахан суолталаах тэрээһин буолар.

«РНГ» АУо регион социальнай-экономическэй сайдыытыгар киллэрэр кылаата – тэрилтэ үлэтин биир сүрүн сыала. Хампаанньа ааспыт 2020 сыл түмүгүнэн,  бүддьүөт араас хайысхаларынан, маны сэргэ, нолуокка,  итиэннэ булгуччулаах төлөбүр быһыытынан, 5 миллиард кэриҥин төлөөтө.