Хампаанньа исписэлиистэрэ сейсмическэй чинчийии үлэлэрин ыытарга биир кэлимсэ бэлэмнэнии үлэтин түмүктээтилэр.
«Сүлдьүкээр Геологоразведка» ХЭТ базатыгар тэриллибит Соҕуруу Сүлдьүкээрдээҕи лицензионнай учаастактан Мурбайдаа5ы лицензионнай учаастакка сейсмическэй чинчийии үлэтин ыытааччылар базаларын уларыттылар. Уопсайа 124 техника уонна бытовой эбийиэктэри көһөрүү үлэтэ барда. Ол иһигэр NOMAD65 NEO сейсмическэй вибрационнай источниктар, Sercel 508XT регистрация оҥорор телеметрическэй систиэмэ тиэлиннэ.
Топогеодезическэй этэрээт саҥа бэлиэ туруоруутугар, анал каарталары оҥорооһуҥҥа үлэлэрин номнуо саҕалаатылар. Да5атан эттэххэ, саҥа сейсмическэй дааннайдары регистрациялааһын сэтинньи ый былааныгар киирэн турар.
«РНГ» АУо исписэлиистэрэ сейсмическэй чинчийии хайысхатыгар саҥа технологиялары үөрэтэллэр. Холобур, муус устар ыйга Sercel хампаанньа WING диэн сейсмическэй дааннайдары регистрациялыыр французскай беспроводной систиэмэни боруобалаан көрбүттэрэ. Онтон бу куннэргэ, балаҕан ыйын 9 күнүттэн 15-гэр диэри, DTCC хампаанньаттан SmartSolo диэн саҥа китайскай оборудование чинчийиини ааста. Билигин чинчийии кэмигэр хомуллубут иһитиннэриилэри чочуйуу барар. Ол үлэ түмүктэннэ5инэ Саха Сирин тыйыс усулуобуйатыгар төһө сөп түбэһэрин, наадалаа5ын туһунан отчуот оҥоһуллуо5а.
Саҥа бааза тэриллибит сиригэр бары усулуобуйа оҥоһулунна. Исписэлиистэр 250 кВт кыамталаах икки дизельнай электростанция көмөтүнэн уотунан хааччылыннылар. Үлэһиттэргэ анаан спутниковай сибээс, интернет кытта холбонно. Маны сэргэ, бытовой эбийиэктэр эмиэ үлэлэрин тохтоппоттор. Аһыыр, астанар, суунар сирдэр уонна да атын хаһаайыстыбаннай эбийиэктэр үлэлииллэр.