Убаастабыллаах биир идэлээхтэрим!
«РНГ» АУо салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан ниэп уонна газ промышленноһын үлэһиттэрин күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин!
Бүгүн биһиги үлэлии сылдьар салаабыт бүттүүн Дойду киэн туттуута, баайа- дуола буолар. Ниэп уонна газ салаата дойду бары регионнарын экономикатын сайыннарыыга улахан кыаҕы биэрэр, эрэллээх тирэх буолууну хааччыйар.
Үлэҕэ бэриниигит, үрдүк көрдөрүүгүт уонна киэҥ таһымнаах билиигит, сатамньыгыт иһин дириҥ махталбын тиэрдэбин. Эһиги сыраҕыт түмүгүнэн «РНГ» АУо бигэтик уонна тирэхтээхтик сайдар. Үлэҕит түмүгүнэн толору киэн туттар кыахтааххыт!
Баҕарабын оҥорон таһаарыы көрдөрүүтэ өрүү үрдүү турарыгар. Кытаанах доруобуйаны уонна уһун дьоллоох олоҕу!