Перейти к основному содержанию

Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин эҕэрдэтэ

30 декабря 2021

Убаастабыллаах коллегаларым, партнердарым, бар дьонум!

Эһигини ис сүрэхпиттэн саҥа үүнэн эрэр  сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу кэмҥэ ааһан эрэр сыл түмүктэрин таһаарабыт, кэлэр сыл былааннарын торумнуубут.

«РНГ» АУо  ааһан эрэр сыл элбэх, сүдү суолталаах тэрээһиннэринэн өйдөнөн хаалла. Сыл устата Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, гаас, гаас конденсата хостонор сирин Илин блогар ниэп хостонуутун көрдөрүүтэ 3 мөлүйүөн туоннаны куоһарда. Биһиги судаарыстыба бүддьүөтүгэр киирэр нолуок төлөбүрүн суумматын  икки төгүл улаатыннардыбыт, элбэх социальнай бырайыактары көҕүлээтибит,  саҥа инфраструктурнай эбийиэктэри тутууга таһаарыылаах үлэни ыыттыбыт.

Биһиги үрдүк таһымнаах исписэлиистэрбит кыһамньылара хампаанньа ситиһиилээх буолуутугар, туруоруммут сыалы олоххо киллэрэргэ, саҥа соруктарга  төһүү күүс буоллулар.  Төһө да уустуктар, хааччахтар баар буолбуттарын иһин, дьаныардаахтык үлэлээн бастыҥ түмүктэри ситиһэргэ дьулуһабыт.

2021 сыл бэйэ бэйэни өйдөһүү уонна өйөнсүү төһөлөөх курдук наадатын өссө биирдэ бигэргэттэ. Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин кытта Саха сиригэр турбут ойуур баһаардарын умулларыы үлэтигэр кытынныбыт.   Аан дойдуга ааҥнаабыт  COVID-19 ыарыы утары үлэ салҕанар.  Өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа харыстабылын систиэмэтигэр эминэн-томунан, оборудованиенан көмө буолуу үлэтин салгыы ыыттыбыт.  Ааһан эрэр сыл өссө биир ситиһиитэ – “Россиятааҕы Кыһыл Кириэс” общественнай тэрилтэни кытары бииргэ үлэлэһиини саҕалаатыбыт, сөбүлэҥ түһэристибит.

«РНГ» АУо коллективыгар, бииргэ үлэлиир партнердарбытыгар үрдүк таһымнаах үлэҕит, өйөбүлгүт   иһин махтал тылларбын  тиэрдэбин!

Ис сүрэхпиттэн эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, ситиһиини уонна кыайыылары-хотуулары баҕарабын. Эһиги дьиэ кэргэҥҥитин үөрүү уонна  үтүө эрэ арыаллаатын!