Борис Эйфман салалтатынан Санкт-Петербургтааҕы государственнай академическэй балет тыйаатыра Ф.М. Достоевскай «Братья Карамазовы» романыгар олоҕурбут, киэҥник биллибит «По ту сторону греха» диэн испиктээкилинэн гастролларын түмүктээтэ. Тыйаатыр Ураллааҕы федеральнай уокурукка уонна Пермскай кыраайга сырытта.
Челябинскай, Екатеринбург, Тюмень, Пермь куораттарыгар 4,5 тыһыынча кэриҥэ олохтоох испиктээкилгэ сырытта.
«РНГ» АУо культурнай бырайыактары сайыннарыыга генеральнай дириэктэр сүбэһитэ, РСФСР народнай артыыһа Станислав Любшин бу курдук бэлиэтиир: «Гастроллар ситиһиилээхтик түмүктэммиттэринэн көрөөччүлэри истиҥник эҕэрдэлиибин. Борис Эйфман – биллиилээх хореограф, кини аата аан дойдуга киэҥник биллэр. Итиэннэ балет хайысхата сайдыытыгар, кини бастыҥын, уустугун, умсугутуулааҕын, улуутун көрдөрбүт чулуу уонна сүҥкэн өҥөлөөх киһи».
Культура хайысхатыгар бу курдук хампаанньа оҥорор өҥөтө, өйөбүлэ үгүс. Бииргэ үлэлэһии чэрчитинэн тыйаатыр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр гастролларын былаанныыр.
«Мин «РНГ» АУо салалтатыгар муҥура суох махталбын тиэрдэбин. Бу гастроллар Фёдор Достоевскай төрөөбүтэ 200 сыллаах үбүлүөйүгэр ананаллар. Чуолаан, бу сыл, кини сүҥкэн суолталаах «Братья Карамазовы» айымньытыгар олоҕурбут «По ту сторону греха» испиктээкили дойду дьоно көрөр кыахтаннылар», — диэн тыйаатыр уус-уран салайааччыта Борис Эйфман бэлиэтээн эттэ.
Дойду куораттарын кэрийэр сырыы «Большие гастроли» диэн РФ культураҕа министиэристибэтин көҕүлээһининэн, «РОСКОНЦЕРТ» музыкальной уонна фестивальнай программаларын федеральнай дириэксийэтин анал программатын чэрчитинэн ыытылынна.