Перейти к основному содержанию

Муус устар 27 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ

27 апреля 2021

“РНГ” АУо Саха Сирин олохтоохторун бырааһынньыгынан э5эрдэлиир.

Муус устар 27 күнэ Саха Сирин остуоруйатыгар ураты суолталаах бэлиэ күн. 1922 сыллаахха Саха АССР төрүттэнэн, РСФСР састаабыгар киирэргэ  сүрүн докумуон баттанар.  Онтон 70 сыл ааһан баран, 1992 сыл муус устар 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин 12 ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин уурааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуона (Конституцията) ылыллыбыта.

Саха Сирэ – Российскай Федерация  саамай улахан  уонна дойду сайдыытыгар бэйэтин кылаатын  киллэрэр, кэскиллээх  регион буолар.

Саха Сирэ элбэх омугу бииргэ түмэр. Хас биирдии норуот культуратын, үтүө үгэстэрин сүтэрбэтигэр, духуобунай сыаннастарын илдьэ сылдьарын туһугар  биир сомоҕо  буоларга кыһаллар.

“РНГ” АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин бу курдук бэлиэтиир: “Бүгүҥҥү бырааһынньык, үлэтин-хамнаһын Саха Сирин кытары ситимнээбит  дьоҥҥо, улахан суолталаах. Хас күн ахсын регион сайдыыта өссө күүһүрэн иһиэ диэн бигэ эрэллээхпин. Хампаанньа аатыттан Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн регион бары олохтоохторугар итии-истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин!”.

“РНГ” АУо  Саха Сиригэр федеральнай уонна региональнай суолталаах инфраструктурнай бырайыактары олоххо киллэрэр. Социальнай хайысха5а улахан бол5омтотун ууран үлэлиир. Хампаанньа Мииринэй оройуонугар үлэнэн хааччыйыыга үрдүк көрдөрүүлээх.