Таһаҕаһы тиэйии Усть-Кут бөһүөлэгиттэн кыһыҥҥы суолунан «РНГ Снабжение» тэрилтэ күүһүнэн ыытылынна.
«РНГ» АУо ыытар үлэтэ хостонуллар попутнай нефтяной гааһы (ПНГ) туһалаахтык туһаныы анал бырайыагын иитинэн ыытыллар. Оборудование Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газ конденсата хостонор Илин блогар пластка гааһы төттөрү хачайдыыр систиэмэ үлэтигэр туһаныллыаҕа.
«Күн-дьыл туругун, тымныыны аахсыбакка 1000 тонналаах оборудование миэстэтигэр кэллэ. Владивосток куораттан Иркутскай уобалас Усть-Кут терминалын нөҥүө бары ирдэбил миэрэлэрин тутуһан тиэрдилиннэ. Таможня анал бэрэбиэркэтин ааһан, хампаанньа таһаҕас тиэйэр сулууспата Саха Сиригэр кыһыҥҥы суолунан тиэртэ. Манна бүтүн хамаанда үлэтин бэлиэтиир тоҕоостоох. Былааннаах, таһаарыылаах үлэ оҥоһуллан оборудование болдьоҕор тиэрдилиннэ», – диэн «РНГ» АУо транспортнай логистикаҕа уонна ыскылаат үлэтигэр управление начальнига Вадим Тарасов иһитиннэрдэ.
Компрессорнай станция 4-тэн 250 атм тиийэр дабылыанньалаах компримированнай ПНГ оҥорорго 4 установкалаах уонна көме оборудованиелаах. Хааччыйааччы тэрилтэ аан дойду нефтесервиснай ырыынагар бастыҥ, Jereh диэн кытай хампаанньата буолар. Бу хампаанньа чуолаан ниэп хостонор баайдаах сирдэргэ улахан көдьүүстээх үлэни ыытар. Хампаанньа улахан болҕомтотун сиртэн хостонор баайдаах сирдэргэ айылҕа харыстабылын чааһыгар уурар. Станцияны тутуу бу сайыҥҥаттан саҕаланыаҕа. Уонна, былаан быһыытынан, 2022 сыл саҥатыгар диэри бэлэм буолан үлэҕэ киириэхтээх.