Хампаанньа салалтата Саха Өрөспүүбүлүкэтин территориятыгар «Россиятааҕы Кыһыл Кириэс» бүтүн дойдутааҕы общественнай тэриллии бырайыактарын өйүүр үлэни салгыы ыытабыт диэн быһаарда.
Бииргэ үлэлэһии чэрчитинэн быйылгы сыллааҕы былааҥҥа ыксаллаах быһыыга үлэлиир анал хамаандалары бэлэмниир тэрээһиннэр киирдилэр. Маны сэргэ, регион 9 оройуонуттан саҥа волонтердары үөрэтиэхтэрэ. Кинилэр бары экипировканан, эбии инвентарынан хааччыллыахтара.
«Ыксаллаах быһыыга олохтоох хамаандалары бэлэмнээһин – бу ааспыт сыллааҕы былааннаах үлэни салгыы ыытыы тэрээһиннэрэ буолаллар. Онно биһиги иэдээн тахсар түгэнигэр үлэлиир кыахтаах 20 волонтеру үөрэппиппит. «РНГ» АУо-5а биһиги программаларбытын олоххо киллэрэргэ күүс-көмө буолалларыгар махталбытын биллэрэбит», – диэн Россиятааҕы Кыһыл Кириэс бэрэссэдээтэлэ Павел Савчук.
Бииргэ үлэлэһии биир сүрүн сыала – Россиятааҕы Кыһыл Кириэс регионнааҕы ыскылаатын ыксаллаах быһыыга туттуллар гуманитарнай көмө бородууктатынан, малынан хааччыллыыны тэрийии, иэдээни туоратарга туттуллар материальнай-техническэй хааччыллыыны көрүөххэ наада. Ол курдук, 2022 сыл бэс ыйыгар «РНГ» АУо финансовай көмөтүн туһанан 300 гуманитарнай набуору Суордаах уонна Томтор нэһилиэктэригэр тиэрдэн биэрбиттэрэ.
«Хампаанньа бастайааннай усулуобуйаҕа олохтоох нэһилиэнньэ олоҕо, хааччыллыыта тупсуутугар, доруобуйаны күүһүрдүүгэ, бөҕөргөтүүгэ көҕүлээһиннэрин өйүүр. Биһиги Россиятааҕы Кыһыл Кириэс үлэтин-хамнаһын, дьоҥҥо көмө буолар бырайыактарын өйүүрбүтүн улахан наадалааҕын ааҕабыт», – диэн «РНГ» АУо генеральнай дириэктэрэ Владимир Ракитин бэлиэтээн эттэ.