Төһө да ааспыт сыл ниэп уонна гаас хайысхатыгар уустуктардаах сыл буоллар, хампаанньа өр сылларга былааннаах үлэни ыытан, маны тэҥэ, «РНГ» АУо хамаандата түмсүүлээх буолан туруоруммут сыал ситиһилиннэ, уустук соруктар олоххо киирдилэр. Ол курдук, бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга аныгы технологиялар олоххо киириилэрэ тиһигин быспат, Саха Өрөспүүбүлүкэтин олоҕор, социальнай-экономическэй сайдыытыгар актыыбынай кыттыыны ылыы салҕанар.
Тохсунньу 17 күнэ
«РНГ» АУо Андрей Миронов 80 сааһыгар анаммыт кэнсиэргэ спонсор быһыытынан кыттыыны ылла
Тэрээһин Москватааҕы мюзикл тыйаатырыгар буолан ааспыта. Кэнсиэргэ дойду бастыҥ киинэ уонна тыйаатыр артыыстара кыттыыны ылбыттара: Вера Васильева, Дмитрий Харатьян, Владимир Машков, Лариса Голубкина. Сыанаттан Андрей Миронов кыттыылаах киинэлэртэн, испиктээкиллэртэн, мультфильмнартан ырыалар ылламмыттара уонна артыыс сэдэх уһуллуулара көстүбүттэрэ.
Олунньу 2 күнэ
«РНГ» АУо Мииринэйдээҕи киин балыыһаҕа аныгы оборудование туттарда
«РНГ – медикам» программа чэрчитинэн хампаанньа Мииринэйдээҕи киин балыыһаҕа Hamilton-C1 диэн Швейцарияҕа оҥоһуллубут, көһө сылдьар тыҥаны эмтиир аппараты (ИВЛ) туттарбыта. Хампаанньа оройуоннааҕы киин балыыһаны кытары 2020 сылтан бииргэ үлэлэһэр, олохтоох дьаһалтаны кытары доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр сүҥкэн кылаатын киллэрэр.
Кулун тутар 5 күнэ
Саха Сиригэр «РНГ» АУо көмөтүнэн республикатааҕы педагогтар күрэхтэрэ саҕаламмыта
Хампаанньа ааспыт сылга Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө ыытыллыбыт педагогтар күрэхтэрин харчынан үбүлүүргэ көмөлөстө. Күрэхххэ 305 сайаапка киирэн улахан таһымнаах куонкурус буолан ааста. Күрэх түмүгэ муус устар ыйга тахсыбыта: 100 бастыҥ учуутал, үрдүк таһымнаах, идэтигэр бэриниилээх педагог, 100-түү тыһыынча харчынан наҕараадаламмыттара.
Муус устар 29 күнэ
«РНГ» АУо бигэ тирэхтээх сайдыыны сыаналыыр «А» рейтиҥҥэ иккис төгүлүн кыайыылаах таҕыста
Аналитиктар «РНГ» АУо тулалыыр эйгэ харыстабылыгар, регион сайдыытыгар актыыбынай кыттыыларын уонна корпоративнай салайыы көдьүүһэ улаханын бэлиэтээтилэр. Экспертэр «РНГ» АУо өссө региоҥҥа олох-дьаһах тупсуутун, киһи хапытаала сайдыытын боппуруостарыгар болҕомто ууруллуутун үрдүктүк сыаналаатылар. Хампаанньа социальнай-экономическэй бырайыактар олоххо киириилэрин өйүүр, Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар олох таһыма үрдүүрүгэр, хампаанньа бэйэтин үлэһиттэригэр усулуобуйа тупсуутугар кыһаллар.
Ыам ыйын 13 күнэ
«РНГ» АУо – Росприроднадзор бириэмийэтин федеральнай партнера
Хампаанньа айылҕаны харыстабыллаахтык туһаныыга анаммыт Федеральнай хонтуруоллуур сулууспа көҕүлээһининэн тэриллэр «Экология – дело каждого» бырайыак олоххо киириитин өйөөте. «РНГ» АУо кыайыылаахтары бэлиэтииргэ, бары бигэргэммит номинацияларынан иккис, үһүс степеннээх лауреаттарга уонна биэдэмистибэ атын да тэрээһиннэригэр харчынан көмө оҥордо. Хаһааҥҥытааҕар да саамай элбэх сайаапка киирдэ – 45 тыһыынчаттан тахса.
От ыйын 27 күнэ
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыытылыстыбата «РНГ» АУо регион сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын үрдүктүк сыаналаата
«100 лет Якутской АССР» диэн 3 үбүлүөйдээх бэлиэ уонна махтал сурук хампаанньаҕа туттарылынна. Бу курдук регион үрдүкү салалтата тэрилтэ коллективын уонна салайааччыларын Саха сирин сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах үлэлэрин уонна нэһилиэнньэҕэ олох-дьаһах хаамыыта тупсуутугар кылааттарын иһин махталларын биллэрдилэр. Наҕараадалары туттарыы социальнай эппиэтинэс корпоративнай форумун чэрчитинэн Дьокуускай куоракка ыытыллыбыта.
Атырдьах ыйын 22 күнэ
«РНГ» АУо Саха сирин территориятыгар бэс мас олордуутун саҕалаата
«Российский центр защиты леса» федеральнай тэрилтэ уонна хампаанньа икки ардыгар түһэрсиллибит бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэр олоҕуран, ойууру чөлүгэр түһэриигэ анаммыт тэрээһиннэрин саҕалаата. Ол курдук, хантараак чэрчитинэн уопсайа 643 бэс мас олордуллубута. Маһы олордуу 640 га иэннэх сири хабыаҕа. Чуолаан, маннык иэннээх сири Бүлүүтээҕи лесничество быһан биэрбитэ. Мас олордуу иннигэр быһыллыбыт учаастакка бэлэмнэнии үлэтэ ыытылыбыта – чөҥөчөктөртөн ыраастааһын, анал балаһалары оҥоруу, бөҕү-сыыһы хомуйуу, булууктааһын.
Балаҕан ыйын 7 күнэ
Россиятаа5ы экономическэй оскуола5а «РНГ» АУо-ҕа анаммыт аудитория арылынна
Хампаанньа икки сыл устата үрдүк үөрэх кыһатын устудьуоннарыгар уонна уһуйааччыларыгар финансовай көмө оҥорор. 2021 сылга «РНГ» АУо Россиятаа5ы экономическэй оскуола саҥа корпустанарыгар харчынан көмөлөспүтэ. Бу үтүө дьыалаҕа олоҕуран, махтанан туран, үөрэх кыһатын салалтата хампаанньаҕа анал аудитория анаата. Анал үөрэх хоһо 3 этээскэ арылынна, итиэннэ аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир саҥа мультимедийнай оборудованиенан хааччылынна. Кабинет 40 миэстэлээх, манна үөрэх бары хайысхаларынан занятиелар ыытыллыахтара.
Алтынньы 19 күнэ
«РНГ» АУо эбийиэктэригэр саҥа техникалар үлэлиэхтэрэ
Сиртэн хостонор баайдаах сир автопааркатыгар 10 саҥа Shacman таһаҕас тиэйэр массыыналар кэлэн саҕалаатылар. Бастакы биэс массыына Ленскэйгэ тиийэн, салгыы Мииринэйгэ айаннаатылар. Онтон гаас уматыгынан барар, иккис баартыйа массыыналар, бу сыл бастакы кварталыгар кэлэллэрэ былааннанар. Самосваллар саҥа эбийиэктэри тутуу үлэтигэр туһаныллыахтара.
Сэтинньи 8 күнэ
«РНГ» АУо ГИТИС уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин холбоһуктаах бырайыактарын өйөөтө
«РНГ» АУо Россиятааҕы театральнай искусство институтун уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин кытта холбоһуктаах үөрэх бырайыактарыгар финансовай өйөбүлү оҥордо. ГИТИС уһуйааччылара Дьокуускайга кэлэн идэ таһымын үрдэтэр куурустары ыыттылар. 3 күн устата ГИТИС уһуйааччылара, лекциялары аахтылар, практическай занятиелары ыыттылар.
Ахсынньы 2 күнэ
«РНГ» АУо уонна Россиятааҕы Кыһыл Кириэс бииргэ үлэлэһии түмүктэрин таһаардылар
Бииргэ үлэлэһии сүрүн оҥкула сыл устата Саха Өрөспүүбүлүкэтин территориятыгар ыытылынна. Үлэ чэрчитинэн ыксаллаах быһыыга суһаллык миэрэ ыларга анаан Россиятааҕы Кыһыл Кириэс экстреннай фондата тэриллибитэ. Ааспыт сыл бэс ыйыгар «РНГ» АУо көмөтүнэн, баҕа өттүнэн көмөлөһөөччүлэр, 300 гуманитарнай набору, сааскы халаантан эмсэҕэлээбиттэргэ, Суордаах уонна Томтор нэһилиэктэригэр, тиэрдибиттэрэ. Маны сэргэ, көмө, ойуур баһаардарыттан сылтаан олорор дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит, Красноярскай кыраай олохтоохторугар оҥоһуллубута.