«РНГ» АУо сиртэн хостонор баайдаах сирдэригэр үлэлиэхтээх гааһы төттөрү хачайдыыр оборудование тиэрдилиннэ
Таһаҕаһы тиэйии Усть-Кут бөһүөлэгиттэн кыһыҥҥы суолунан «РНГ Снабжение» тэрилтэ күүһүнэн ыытылынна.
«РНГ» АУо ыытар үлэтэ хостонуллар попутнай нефтяной гааһы (ПНГ) туһалаахтык туһаныы анал бырайыагын иитинэн ыытыллар. Оборудование Орто Ботуобуйатааҕы ниэп, газ, газ конденсата хостонор Илин блогар пластка гааһы төттөрү хачайдыыр систиэмэ үлэтигэр туһаныллыаҕа.